Улахан Марха бөһүөлэгэр баар 5 №-дээх көннөрөр-эмтиир холуонньаҕа М. диэн гражданка дьоҕус суумкатыттан бобуулаах маллары буллулар.
Бу туһунан СИА-ҕа РФ Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бу дьахтар ити хаайыыга олорор чугас киһитигэр хас да күннээх сыбыдаанньаҕа кэлбит. Оперативниктарга эрдэттэн иһитиннэрии киирбит буолан, дьахтар суумкатыттан А1303 смартфон, microSD флеш-карта уонна суотабайы ииттэрэр алта устройствоны буллулар.
Холуонньаларга уонна силиэстийэлиир изолятордарга суотабай төлөпүөн, харчы, наркотик, сэп-сэбиргэл, итирдэр утах курдук уонна да атын бобуулаах маллары киллэрэ сатааһын иһин административнай эппиэккэ тардыллаҕын. Бу дьахтага эмиэ административнай боротокуол толоруллан, мировой суут көрүүтүгэр барбыт.
РФ Административнай кодексатын 19.12 ыстатыйатынан көрүллэр ыстараап суумата – 3 тыһ.солк. 5 тыһ.солк. диэри, ол бобуулаах маллары конфискациялаан туран.