«О северном завозе» сокуон бырайыагын Госдуума бастакы ааҕыыга көрүөҕэ. Сокуон бырайыага ылылыннаҕына күүһүгэр 2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн киирэр. Ол туһунан депутат Галина Данчикова эттэ.
Сокуон хотугу тиэйии-таһыы кыттыылаахтарын өйүүр миэрэлэри көрөр, тэрийэр, транспортнай-логистическай тэрээһиннэр уонна территориялары тохтоло суох хааччыйыыга үп механизмын нуормаларын быһаарар.
Сокуон бырайыага ким туохха эппиэттиирин, федеральнайдааҕы уонна регионнааҕы боломуочуйалары суруйар.