Галина Данчикова: Ил уонна үлэ - сайдыы сүрүн төрүтэ

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын уонна тус бэйэм ааппыттан ил-эйэ бэлиэ бырааһынньыгынан — ыам ыйын 1 күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!


Бу сааскы бырааһынньык күн чаҕылхай сыламынан толору. Бэлиэ күн үлэһит дьон сомоҕолоһоро ураты улахан суолталаах.

Ил уонна үлэ өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар акылааты айаллар, олугу уураллар. Өрөспүүбүлүкэ дьоһун бырайыактары олоххо киллэрэр, ол түмүгэр Саха сирэ сайдыы саҥа таһымыгар тахсыаҕа.

Кэрэ-бэлиэ бырааһынньык санааҕытыгар санааны, күүскүтүгэр күүһү эптин! Бэйэҕит кыаххытыгар бигэтик эрэниҥ, үлэ үтүө үгэстэрин салҕааҥ! Ол чэчирии сайдыыга тулхадыйбат тулааһын буолара чахчы.

Санаа өрө көтөҕүллүүтүн, чөл туругу, или-эйэни, дьолу-соргуну баҕарабын!

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтлэ Галина Данчикова

This post was published on 01.05.2016 13:00 13:00