22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Филипп Пестряков: Кирилл Алексеев олохтон туораабыта – улахан сүтүк

17:29, 10 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

“Сахабэчээт” генеральнай дириэктэрэ Филипп Пестряков “Сахамедиа” салайааччыта Кирилл Алексеев олохтон соһумардык өлөн туораабытынан кини дьиэ кэргэнигэр уонна чугас дьонугар дириҥ кутурҕанын тириэрдэр. 


Филипп Пестряков бэлиэтээбитинэн, Кирилл Алексеев тыл көҥүл буолуутун бөҕөргөтүүгэ уонна саҥа кэмҥэ Саха сиригэр сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр атахтарыгар туралларыгар сүҥкэн өҥөлөөх.

“Сонуннары тарҕатар кэккэ ситимнэри тэрийээччи быһыытынан Кирилл Викторович иһитиннэрэр бэлиитикэҕэ хаһан даҕаны сенсацияны сырса, ураты санаалаахтары баһааҕырда сатаабатаҕа, — диэтэ Филипп Пестряков. – Кини киһини кытта үрдүк култууралаахтык кэпсэтэрэ, атын киһи санаатыгар ытыктабыллаахтык сыһыаннаһара. Медиа-салааҕа саҥа технологиялары киллэрэн, саха суруналыыстыкатын үтүө үгэстэрин байыппыта. Кирилл Алексеев олохтон соһумардык туорааһына – саха суруналыыстыкатыгар ыар сүтүк. “Сахабэчээт” АУо кэлэктиибэ чугас дьонугар дириҥ кутурҕанын тириэрдэр».

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА