22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Эстрада театрын артыыстара хоту сир дьонун кутун тутан бардылар

14:43, 13 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл Булуҥ улууһугар маннык элбэх артыыс урут хаһан да кэлбэтэҕин кэлэн барда. Артыыстар муус устар 3 күнүттэн барыахтарыгар диэри күн ахсын Тиксии бөһүөлэгэр, нэһилиэктэринэн сылдьан кэнсиэрдэрин көрдөрөн дьон сүргэтин көтөҕөн, куттарын тутан бардылар.

Эстрада театрын ырыаһыттара Сайсары Куо, Айгылаан уонна “Айархаан” бөлөх Булуҥҥа аан бастаан кэлбиттэр. Бастаан утаа хоту, Булуҥҥа кэлэллэрин истэн долгуйбуттар да, куттаммыттар да. Булуҥ сирин-уотун, айылҕатын олус сөбүлээбиттэр. Нэһилиэктэринэн сылдьан айан бөҕөнү айаннаабыттар, араас тиэхиньикэнэн сылдьыбыттар.

Биир улуус диэтэххэ нэһилиэктэр тус-туспа тыыннаахтар эбит”, — диэн састаап саамай эдэр ырыаһыта Сайсары Куо санаатын үллэстэр.

“Айархаан” бөлөх кыттыылааҕа Нарыйаана Саха сирин хоту дойдутун көрбүт киһи диэн ыра санаата Булуҥ сиригэр туолбут. Артыыстар Күһүүр нэһилиэгиттэн Тиксиигэ диэри “Бурааннарынан” хайдах айаннаабыттарын хаһан да умнубаттыы өйдөрүгэр-санааларыгар, сүрэхтэригэр-дууһаларыгар хатанан хаалбытын кэпсээтилэр.

Аан бастакыларын табаһыттар сүлүөттэрин, хоту дойду саамай күүтүүлээх, үчүгэй бырааһынньыгын, табалар күрэстэһиилэрин көрөн олус үөрбүттэр.

Киһи сатаан тылынан этэн тиэрдибэт. Онон кылгастык эттэххэ, бу сырыы барыбытыгар умнуллубат өйдөбүлү хаалларда”, – диир Айгылаан.

Эрхаан, салайааччы: «Манна бүтэһигин аҕыс сыл анараа өттүгэр сылдьыбытым. Булуҥҥа хамаанда тэринэн кэлиэхпин баҕарбытым ыраатта. Култуура министиэристибэтин сорудаҕынан уонна өйөбүлүнэн эстрада театра быйыл алта хоту улууһу хабан үлэлиир. Бастакы былааннааһын, тэринии саҕана мин тута Булуҥ улууһун талбытым. Дириэктэрбит Алексей Егоров хамаанда таларбар эппитигэр, састааппар хоту дойдуга урут хаһан да сылдьа илик эдэр дьону сүүмэрдээбитим. Доҕорбун Байбал Сэмэнэби ыҥыран хамаанда тэриммтитим. Эрдэ улуус нэһилиэктэригэр барытыгар сылдьыахтаахпыт диэн сыал-сорук туруоруммуппут. Манна табаһыттар сүлүөттэригэр таба сүүрүтүн көрбүппүт, балааккаларга киирэн чэйдээбиппит. Кэлиэм иннинэ дойдубар тиийэн эбээбиттэн күүс-сэниэ, сүбэ-ама ылан, арчылатан, айылҕабыттан көрдөһөн кэлбитим. Биир тылынан эттэххэ, арчыламмыт айан буолла.

Булуҥ улууһугар айылҕаттан тутулуктаах дии саныыбын. Биһиги төһө баҕарар былаан оҥостуохпутун сөп, ону айылҕа бэйэтэ быһаарар. Култуура управлениетын салайааччыта Туяра Ивановна наһаа үчүгэйдик көрүстэ, бэйэтин оҕолорун курдук илдьэ сырытта. Игорь Кудряшов көмөтүнэн, ыл да мээнэ тиийбэт ыраах сытар нэһилиэктэргэ бөртөлүөттэри кэтэһиннэрэн, нэһилиэнньэҕэ кэнсиэрдэри бэлэхтээн, дьон биһирэбилин ылан кэллибит. Көрөөччүлэрбитигэр улахан махталбытын тиэрдэбит, эһиги баар буолаҥҥыт биһиги артыыстар баарбыт, айабыт-тутабыт, ыллыыбыт-туойабыт. Инникитин даҕаны кэлиэхпит диэн эрэннэрэбин».

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА