Амма улууһун Эмис нэһилиэгин «Көлүкэчээн» аҕам саастаахтар ансаамбылларын 14 ырыаһыта өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата уонна «Рапост» тэрилтэ ыыппыт «Подари подписку — детям» диэн акцияларыгар кыттыыны ылла.
Эмис нэһилиэгин эбэлэрэ Дьокуускай куоракка оҕоҕо анаммыт тэрээһиҥҥэ анаан-минээн кытта кэлбиттэр. Кинилэр сиэннэригэр куруук холобур буолаллар.
— Оҕо кинигэни, сурунаалы ааҕар буоларыгар эбэлэр холобур буолабыт. Бу үлэ ситимнээхтик барарыгар бииргэ үлэлиэххэйиҥ. Биһиги манна сыал-сорук туруорунан кэлэрбитигэр баһалыкпыт И.И. Пестерев өйөөтө, — диэн санааларын тириэртилэр.
Эмис эбэлэрэ 16 устуука «Чуораанчык», «Колокольчик» сурунаалларга суруттардылар.
Ааптар: Наталья Бубякина