Элбэх оҕолоох ыаллар абитуриеннарыгар үрдүк үөрэххэ киириилэригэр, өскөтүн баал тэҥнэһэр түбэлтэтигэр, ордук кинилэргэ болҕомто ууруллуон сөп. Маннык сокуон барыла (№ 990282-7) Госдума үөрэххэ кэмитиэтин мунньаҕар бүгүн көрүллэр, суруйар «Парламентская газета».
Уларыйыы «Об образовании в Российской Федерации» Федеральнай сокуон 71 ыстатыйатыгар киллэриллиэн сөп. Федерация сэбиэтин вице-спикера Галина Карелова, сенатордар Инна Святенко уонна Елена Бибикова бакалавриат уонна специалитет бырагыраамаларыгар элбэх оҕолоох ыал абитуриена, өскөтүн баала атын үөрэххэ туттарсааччыны кытта тэҥнэһэр түбэлтэтигэр, ордук киниэхэ болҕомто бэриллиэн сөптөөҕүн этэллэр. Бэрээдэгин бырабыыталыстыба оҥорор.
«Өскөтүн икки абитуриент үөрэххэ киирии туттарсыытын кэмигэр биир баалы ыллахтарына, үөрэх тэрилтэтэ элбэх оҕолоох ыал оҕотугар баһыйар болҕомтону уурар», — диэтэ Елена Бибикова.
Миниистирдэр кабинеттара сокуон барылын сөптөөҕүнэн аахтылар.