Киирбэт күннээх Дьааҥы сиригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар Ил Дархан Егор Борисов этиитин Ыһыах ыалдьыттара уратытык иһийэн олорон иһиттилэр.
Егор Афанасьевич саха норуота тылга ураты болҕомтону уурарын этиитигэр тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Кини саха омук өрө тутан кэлбит олоҥхото омук дьылҕатыгар олус улахан суолталааҕын, билиҥҥи көлүөнэ дьон ону улаханнык сыаналыах кэриҥнээхпит эттэ. «Сахалар атын омуктартан уратыбыт – сүүһүнэн, тыһыынчанан сылларга бэйэбит тылбытын-өспүтүн сурукка-бичиккэ түһэрэн кэлбит омук буолбатахпыт. Ол эрээри тылбытын, култуурабытын, үгэстэрбитин ойуччу тутан кэлбит омугунан буолабыт.
Тыл суолтата диэн тугуй? Олоҥхо диэн улахан айымньылаах буоламмыт, норуоппут тылыгар-өһүгэр иҥэринэн кэлбит тыл сүмэһинин, тыл суолтатын, тыл эйгэтин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэн иһэр ураты омукпут. Ол эбэтэр бу маннык улахан суолтаны ылбыт биһиги олоҥхобут норуоту харыстаан, сахалары сырдыкка талаһыннаран, биһиги үгүс омуктарга биллэр буоллубут”, — диэтэ Ил Дархан.
Саха сирин Аҕа баһылыга былыргы олоҥхолорго норуот өйө-санаата, олоҕу көрүүтэ, төрүт үгэстэрэ харалла сыталларын бэлиэтээбитин, өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын кыттааччылара дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр.