22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Егор Борисов Россия Уһук Илиҥҥи сайдыытын министиэристибэтин коллегиятыгар кыттыаҕа

11:00, 06 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин баһылыга Егор Борисов кулун тутар 6 күнүгэр Владивостокка Россия Илиҥҥи сайдыытын министиэристибэтин коллегиятыгар кыттыаҕа.


Бэнидиэнньиккэ Егор Борисов бэйэтин планернай мунньаҕар Москваҕа Булуҥ улууһун Тиксии бөһүөлэгэр тыал күүһүнэн үлэлиир комплексын тутууга меморандумҥа илии баттаһыы туһунан эттэ. Арктикаҕа энергетиканы сайыннарыыга суолталаах докумуоҥҥа Егор Борисов уонна “РусГидро” ПАУо генеральнай дириэктэрэ Николай Шульгинов, Саҥа энергетическай уонна бырамыысыланнай технологиялары сайыннарыыны тэрийиигэ толорооччу дириэктэр Такаши Омоте, толорооччу дириэктэр Такаока Токо Фукуо Аояги уонна “Якутскэнерго” генеральнай дириэктэрэ Александр Слоик илии баттаабыттар.

Бу бырайыагы олоххо киллэриинэн сылга дизельнэй оттугу туһаныы 16 быр. аччыаҕа, оттон Арктика олохтоохторо экологияҕа куттала суох саҥардыллар энергетиканан туһанар кыахтаныахтара.

Бүгүн Егор Борисов Владивостокка ыытыллар коллегияҕа кыттыаҕа. Туһааннаах министиэристибэ дойду илиҥҥи өттүн сайыннарыыга күүскэ үлэлиир соруктаах. Маныаха инвестиционнай уонна инфраструктурнай бырайыактары олоххо киллэрии ирдэнэр. Биллэрин курдук, 2025 сылга Уһук Илиҥҥэ нэһилиэнньэ ахсаана 6,5 мөл киһиэхэ тиийиэхтээх. Онон сибээстээн демографическай бэлиитикэ концепцията ылыныллыбыт.

Коллегияҕа РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Россия бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи ФУо боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев, Уһук Илини сайыннарыыга РФ миниистирэ Александр Галушка уо.д.а кыттыахтара.
Тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии чэрчитинэн Егор Борисов уонна бырабыыталыстыба чилиэннэрэ ТОСЭР, инвестиционнай бырайыактар, “Уһук Илиҥҥи гектар” тустарынан боппуруостары көрбүттэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА