Олоҥхо Ыһыаҕын үөрүүлээхтик аһыы сиэригэр-туомугар Саха сирин баһылыга Егор Борисов Үөһээ Дьааҥы олохтоохторун эҕэрдэлээтэ уонна Олоҥхо саха норуотугар суолтатын ойуччу тутан бэлиэтээтэ.
«Олоҥхо — аай дойдуга билиниллэр, ытыктанар былыргы эпическэй искусство. Олоҥхо саха норуотун сүрүн сороҕо», —диэтэ кини.
Кини киһи аймах муҥутуур айымньыта омук сиэрин-туомун, үгэһин харыстыырга сүрүн олугу уурарын чиҥэтэн эттэ. 100 сыл усталаах-туоратыгар сахалар ахсааннара икки бүк эбиллибитин, хас биирдии киһи орто сааһа 70-ҥа диэри тиийбитин бэлиэтээтэ.
«Олоҥхо Ыһыаҕа буолуо икки күн иннинэ Үөһээ Дьааҥыга күүстээх ардах түспүтэ. Оттон билигин күн чаҕылыччы тыкта. Бука барыгытыгар дьолу, ситиһиилэри баҕарабын», —диэтэ Ил Дархан.
Егор Борисов өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрбит Үөһээ Дьааҥы улууһун олохтоохторугар Саха сирин наҕараадаларын туттарда. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ үрдүкү «Киһи килбиэнэ» наҕарааданы Үөһээ Дьааҥы улууһун үөрэх управлениетын дириэктэрин солбуйааччыга Галина Чириковаҕа туттарда. Улуус баһылыга Виктор Павлов, дьарыктаах буолуу киинин салайааччыта Наталья Потапова, Боруулаах орто оскуолатын дириэктэрэ Татьяна Юмшанова бырабыыталыстыба Бочуоттаах Грамотатынан наҕараадаланнылар.