Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Егор Борисов саныырынан, Россия бэрэсидьиэнин Федеральнай Мунньахха Туһаайыы этиитэ сүрүннээн социальнай түгэннэргэ туһуламмыта, чуолаан, дьон олоҕун тупсарыыга. Бу туһунан Ил Дархан “Саха” НКИК быһа эфиригэр эппитэ.
“Анал этиигэ киһи күүппэтэх түгэннэрэ бааллара. Россия эрэ олохтоохторугар анамматаҕа, аан дойдутааҕы бэлиитикэни таарыйбыта. Билигин аан дойдуга Владимир Путин тезистэрин дьүүллэһэллэр, манан биһиги билигин эмиэ дьарыктанабыт”, — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ Саха сирин баһылыга.
“Туһаайыы этии түмүгүнэн араас таһымнаах салайааччылар дьон олоҕун тупсарар соругу туруорунуохтаахтар. Биһиги үлэбит бары хайысхаларга кэриэтэ Россия бэрэсидьиэнин политикатын кытта биир сүрүннээх«, — диэн эттэ Егор Борисов.