22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Егор Борисов: “АЛРОСА-Ньурба” акцияларын 10 бырыһыана атыыланыаҕа

17:02, 22 марта 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Дархан Егор Борисов АЛРОСА хампаанньа биир бөдөҥ тэрилтэтин – “АЛРОСА-Ньурба” акцияларын 10 бырыһыанын, ырыынакка сыаналара намтаабыттарынан сибээстээн, атыылыырга күһэллибиттэрин эттэ. Ол туһунан кини бүгүн, кулун тутар 22 күнүгэр, Дьокуускайга олохтоох салыйыныы бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүһүүтүгэр иһитиннэрдэ, диэн edersaas.ru суруйар.

“АЛРОСА-Ньурба” акциятын 10 бырыһыана – бу судаарыстыба бас билиитэ. Ол туох да мөккүөрэ суох. Сотору кэминэн ити акциялары приватизациялыыр туһунан быһаарыы ылыныахпыт. Тоҕо диэтэххэ, хас биирди табаар, баай-дуол сыаната түһэр кэмнэрдээх”, — диэтэ кини.

Бу иннинэ өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана АЛРОСА” хампаанньа салалтатыгар уларыйыылар тахсыбыттарын үрдүнэн, Саха сирин интэриэһэ инникитин да учуоттаныаҕа диэн эрэннэрэн турар.

“Федеральный уровень” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак иккис таһаарыытын иитинэн суруналыыстары кытта көрсүһүүтүгэр, Егор Борисов: “Биллэн турар, хампаанньаҕа бары улахан суолталаах быһаарыылар куруутун өрөспүүбүлүкэ кыттыытынан ылыныллыахтара. Мин бүгүн биири чопчу этиэхпин сөп: “АЛРОСА”-ны кытта хардарыта үлэҕэ сүрүн акционер – Саха сирин, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, хампаанньа бэйэтин –интэриэһэ хааччыллыаҕа”, — диэбитэ.

Урут иһитиннэрбиппит курдук, кулун тутар 13 күнүгэр “АЛРОСА” кэтээн көрөр сэбиэтин мунньаҕар бу иннинэ Сбербаан бэрэсидьиэнин солбуйааччынан үлэлээбит Сергей Иванову хампаанньа салайааччытынан талар туһунан быһаарыы ылыныллыбыта. “Кини ыллыктаах санаалаах, онон кини кандидатуратын өйүүргэ диэн быһаарбыппыт”, — диэн этэн турар Егор Борисов.

Маны таһынан, Ил Дархан Егор Борисов АЛРОСА аҕыс бырыһыан акциятын бас билэр улуустарга туһаайан: «Эһиэхэ араастаан тахсыахтара. Онно киирэн биэримэҥ. Акцияларгытын атыылаамаҥ» — диэн көрдөстө. Кини этэринэн, бөдөҥ хампаанньаны салайыыга өрөспүүбүлүкэ биир санаалаах буолуохтаах.

Ыспыраапка:

Санатар буоллахха, “АЛРОСА-Ньурба” (“АЛРОСА” Ньурбатааҕы хайаны байытар кэмбинээтэ) “Ньурбатааҕы” уонна “Буотубуйатааҕы” кимберлит туруупкатын, ону сэргэ алмаастаах бытархай боруоданы хостуур. 2016 сыл тоҕус ыйын түмүгүнэн хампаанньа булбут алмааһын 18 бырыһыана манна хостоммута.

Оттон РФ Баайга-дуолга министиэристибэтин сирэйдээн “АЛРОСА”-ҕа акция 33 бырыһыана тиксэр, Саха сирэ акция 25 бырыһыанын уонна онно эбии биир акцияны бас билэр. Акция 8 бырыһыанын “алмаастаах” дэнэр улуустар тутан олороллор. 34 бырыһыана «АЛРОСА» Free float-ка (сыаналаах кумааҕыларынан) сылдьар. Онтон хаалбыта Lazard, Oppenheimer и Capital Group диэн АХШ пуондаларын бас билиитигэр бааллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА