Үөһээ Халыма улууһун дьаһалтата Конституцияҕа көннөрүүлэри киллэриигэ куоластааһыны ыытыыга бэлэмнэрин эттэ. Тус харыстанар сириэстибэлэринэн хааччыллыбыттар, бүлүтүөннэр кэлбиттэр.
Үөһээ Халыма улууһун олохтоохторо куоластааһыҥҥа үрдүк көрдөрүүнү биэрэргэ эрэллээхтэр.
«Биһиги харыстанар сириэстибэлэри ыллыбыт — мааскалар, бэрчээккилэр, санитайзердар, харыстыыр экраннар, халааттар. Кыра кыралаан икки нэдиэлэ айаннаан кэллэ. Бүтэһик СИЗ-тар бэс ыйын 20 күнүгэр аҕалыллыбыттара. Быыбардыыр учаастактарга тириэрдилиннэ. Үлэҕэ бэлэмнэр, суола-ииһэ суох нэһилиэнньэлээх пууннарбытыгар эмиэ», — диэн СИА-ҕа дьаһалта үлэһитэ Александра Павлова кэпсээтэ.
Кини бэлиэтээбитинэн, быыбар хамыыһыйата суола-ииһэ суох дьон олорор сиригэр бөртөлүөтүнэн көтөр, олохтоохтор быыбардыыр бырааптарын эрдэтээҥи куоластааһыҥҥа туһаналлар.
«Тоҕус устаастак үлэлиэхтээх. Тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, 2896 быыбардааччылаахпыт. Үрдүк көрдөрүү биэриэхпит диэн эрэллээхпит», — диэтэ кини.