Атырдьах ыйын 2-3 күннэригэр Үөһээ Дьааҥы улууһугар Дьааҥы нэһилиэгин 3-Кумах сиригэр «Күүлэй-2024» буолан ааста. Ол туһунан өрөспүүбүлүгэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһиттиннэрэр.
От охсууга, мунньууга улуус уонна Верхоянскай куорат администрацияларын, СХПК «Полюс холода», Остуолба нэһилиэгин хамаандалара күөн көрүстүлэр. Ону таһынан үөрэх салалтатын специалистара, Дьокуускай куораттан саха сылгытын, хоту дойду климатын уларыйыытын үөрэтэр, интэриэһиргиир эдэр учуонайдар, блогер, документалист ыччаттар куоталаһааччыларга көмөлөстүлэр.
Күрэх түмүгүнэн бастакы миэстэни Остуолба хамаандата ылан (3,18 га), 100 000 солкуобай бирииһи сүүйдэ. Иккис миэстэ Үөһээ Дьааҥы улууһун администрациятын хамаандата буолла (2,41 га) — бирристэрэ 80 000 солкуобай. Үһүс миэстэҕэ Верхоянскай куорат администрациятын хамаандата тигистэ (2,35 га) — бириистэрэ 50 000 солкуобай. Төрдүс миэстэ «Полюс холода» эдэр ыччатын хамаандата буолла (1,85 га), кинилэргэ 10 000 солкуобайы уонна 15 000 сууммалаах «Все для дома» маҕаһыыҥҥа сертификаты туттардылар.
Бастыҥ от охсооччу аатын 1,27 га иэннээх сири охсон Остуолба олохтооҕо Иннокентий Кузьмин ылла.
Аныгыскы «Күүлэй» күрэх Үөһээ Дьааҥы улууһугар атырдьах ыйын 23-24 күннэригэр ыытыллыаҕа, күрэххэ эдэр ыаллар уонна ыччаттар кыттыахтара.