Үөһээ Бүлүү улууһун Нам орто оскуолатыгар «Оҕо хамсааһынын» салайааччыта, уруккута пиэнньэр баһаатай Любовь Николаевна Сидорова көҕүлээһининэн сылын аайы «Доҕордоһуу кутаата» ыытыллар.
Үөһээ Бүлүү Намыгар “Доҕордоһуу кутаата” үгэскэ кубулуйан 18-с төгүлүн тэриллэр. «Холлубут» ырааһыйа хаһан да буоларын курдук оҕо-аймах саҥатынан туолла. Нам нэһилигин баһаарынай чааһын үлэһиттэрэ (сал. М.Г. Унаров) баһаарынай-прикладной успуорт көрүҥэр күрэхтэһиини ыыттылар. Оскуола үөрэнээччилэрэ сонун, ураты күрэҕи бэркэ сэҥээрдилэр. Байыас таҥаһын кэтэн бириэмэҕэ баһаарынайдар үлэлэрин толорууга куоталастылар.
Тэрээһин сүрүн сыала — оҕолорго чөл олоҕу, успуорду пропагандалааһын уонна кинилэри эт-хаан өттүнэн сайыннарыы.
Ааптар: Надежда Тойтонова