23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Үөһээ Бүлүү баһылыктара ГТО-ну туттарыыга бэлэмнэнэллэр

12:12, 23 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу ый 28-31 күннэригэр Дьокуускайга 5-с төгүлүн ыытыллар Саха сирин баһылыктарын съезтэрин чэрчитинэн ГТО нуорматын туттарыы киирэ сылдьар. Онон улуус нэһилиэктэрин баһылыктара өрөспүүбүлүкэ таһымыгар киирсиигэ бэлэмнэнэ, сүүмэрдэнэ сылдьаллар.


«Ырааҕы ыстаныыга, гиирэ анньыытыгар, пресс хачайдааһыныгар, имигэһи быһаарыыга, сиртэн анньыныыга нуорманы толордулар. Инникитин эбии сыал ытыытыгар, хайыһарынан сүүрүүгэ, спортивнай хаамыыга, дистанцияларынан сүүрүүгэ туттарыахтара. Муус устар ыйтан тэрилтэлэр икки ардыларынааҕы спартакиада саҕаланыаҕа, онно эмиэ ГТО нуорматын туттарыы көрүҥ быһыытынан киирэ сылдьар» — диэн спорт управлениетын начальнига Егор Николаев иһитиннэрдэ.

Уопсай түмүккэ, 70-тан үөһээ саастаахтарга Үөдүгэй баһылыга Михаил Донской кыайыылаах буолла. 60-69 саастаахтарга Дүллүкү баһылыга Иван Ан бастаата. 50-59 саастаахтарга кыайыылааҕынан Өргүөт баһылыга Семен Николаев таҕыста. Онон бастыҥ көрдөрүүлээхтэр Дьокуускайга ыытыллар ГТО нуорматын туттарыытыгар киирсэр буоллулар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА