23 Сэтинньи 23.11
  • -22°
  • $ 102,58
  • 107,43

Эдэр сылгыһыкка сүбэ: тымныыга сылгыгын хайаан даҕаны эбии аһат

12:12, 22 января 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сылгыны иитиигэ үйэ аҥаарын кэриҥэ үлэлээбит өрөспүүбүлүкэ чулуу сылгыһыта, үрдүк ситиһиилэрин иһин Үлэ Кыһыл Знамятын уордьанынан иккитэ наҕараадаламмыт Россия тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Амма улууһун ытык киһитэ Гаврил Семенов баай уопутуттан “Саха сирэ” хаһыат ааҕааччыларын кытта мэлдьи үллэстэрэ. Гаврил Михайлович, чуолаан, ырыынак үйэтигэр саҥардыы сылгыламмыт ыалларга, эдэр сылгыһыттарга анаан олохтон барыар диэри сүбэлии-амалыы сыппыта.


Мантан аллара Гаврил Семенов сүбэтин ааҕыҥ:

«Сахалар сылгыны былыр-былыргыттан Дьөһөгөй Айыы оҕотунан ааҕарбыт икки өрүттээх, — диирэ биллиилээх сылгыһыт. — Үгүстэр айылҕа оҕотун бэйэтэ көрүө-харайыа диэн соҥноон кэбиһэллэр. Итинник сыһыаннаһар букатын сыыһа. Сылгы барахсан киһи көрүүтэ-истиитэ суох табыллыбат, кини кыһамньыта суох ууһаан-тэнийэн барбат. Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга, сааскы хахсаакка сылгы аттыгар иччитэ эбэтэр сылгыһыт баар буолуохтаах, көмөлөһүөхтээх. Сорохтор миигин: “Сэмиэнэп сылгыларын аһара аһатар, аһылыкка туруора үөрэттэ”, — диэн сэмэлээччилэр. Ону мин ылыммаппын. Тоҕо?

Ордук кыһыҥҥы тымныы ыйдарга сылгыга эбии аһылык хайаан даҕаны бэриллиэхтээҕин туһунан учуонайдар суруйаллара сөптөөх. Төһө даҕаны хаһыылаах, аһылыктаах буолбутун иһин, халлаан тымныы ыйдарыгар эбии аһылык биэрэр, аһылыкка туруорар туһаттан атыны аҕалыа суоҕа: сылгы туруга тупсар, онтон сиэттэрэн төрүөх дэлэйэр, кэскил түстэнэр.

Сылгы аһылыкка мээнэ киирбэт, ол дьылыттан тутулуктаах. Кураан, хаһыы мөлтөх дьылыгар сылгы эрдэ аһылыкка киирэр. Оччоҕуна от дэлэйдик оттоммотох, бурдук үүммэтэх буоллаҕына, сылгыны иитиигэ улаханнык оҕустарыахха сөп. Сылгыга сүрүн аһылыкпыт – от уонна бурдук эрэ. Дулҕаны, талаҕы кырбаан, онон ас оҥорон сылгыны аһатар диэни билбэт дьоммут.

Куһаҕан дьыл буоллар эрэ сааһырбыт, уулаах биэлэр улаханнык ырыганныыллар. Онон сылгы олох быһа ыра илигинэ аһылыкка киллэриэххэ наада. Быһа түспүт сылгыны төһөлөөх аһаппытыҥ даҕаны иһин көнөн-өрүттэн биэрбэт. Этэргэ дылы, арыынан да аһатан абыраабаккын.

Ордук тиҥэһэ сылгы хотторумтуо. Сылгы тиҥэһэтигэр тииһиир. Онон тииһиир кэмигэр улаханнык оҕустарар, атын бөлөх сылгылардааҕар дөбөҥнүк ырыганныыр, аһылыкка наадыйар. Улахан тымныылар саҕана икки нэдиэлэ кэриҥэ сылгы хайаан даҕаны аһыахтааҕын туһунан учуонайдар да суруйаллар, кырдьаҕастар да сүбэлиир буолаллара.

Биллэрин курдук, ханнык баҕарар дьылга сылгы муус устартан аһылыкка киирбитинэн барар. Сылгы күргүөмүнэн ыам ыйыгар төрүүр. Кулун тутарга, муус устарга төрөөччү бэрт аҕыйах. Сорох үөргэ күҥҥэ үстүү-түөртүү биэ төрүүр. Үс ыйы быһа соһон-сыһан төрүүр биэлэрдээх үөр баар буолааччы. Ол үөр атыыра хатылыырыттан уонна көҕүйэриттэн тутулуктаах.

Түмүктээн эттэххэ, сылгыны аһылыкка туруорар булгуччулаах. Хайа баҕарар сылгы наар хаһыынан, мэччирэҥинэн сылдьыа суохтаах. Эбии аһатыллар сылгы туруга хаһан баҕарар үчүгэй буолар. Оттон туруктаах буолла даҕаны, төрүөҕү ылаҕын, ол аата Дьөһөгөй Айыы оҕото уутуйан үөскүүр кыахтанар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА