22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарыгар 70 ааптар кыттыа

17:00, 16 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтара быйыл кулун тутар 26-28 күннэригэр сүүрбэ биирис төгүлүн ыытыллар. Тэрийээччилэр бу күннэргэ ыччат дьыалаларын, дьиэ кэргэн бэлиитикэтин миниистирэ Афанасий Владимировы көрсөн, тэрээһин боппуруостарын кэпсэттилэр.


Билиҥҥи туругунан, сүрүннээн кыттааччылары талан бүттүлэр. 106 сайаапка бэриллибититтэн, 70-ча киһи ыҥырылынна. Сорох ааптардар хас да секцияҕа кыттар буолан, барыта 87 киһи сайаапка биэрбитэ. Ол эрээри билигин да нууччалыы, хотугу норуоттар литератураларын, кириитикэ уонна драма секцияларыгар сайаапкалары ыытыахха сөп. Саамай элбэх сайаапка сахалыы поэзия секциятыгар бэриллибит: онно 52-тэн 22 киһини талбыттар. Проза секциятыгар 18 сайаапка бэриллибититтэн, 12 киһини ыҥырбыттар. Прозаҕа хас да сэһэн баар, онон тэрийээччилэр бэлэмнээх, таһымнаах кыттааччылар баалларыттан үөрэллэр.

Быйылгы мунньах уратытын быһыытынан, баҕалаахтары барыларын буолбакка, айымньыларынан талан ылыы түһүмэҕин киллэрбиттэрэ. Бу айымньылары ырытар семинардар салайааччыларын көрдөһүүлэринэн киирбитэ, онон ордук хаачыстыбалаах айымньылар талылыннылар.

Өссө биир уратытынан, мунньахха аан бастаан Москваттан Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун Эдэр литератордар сэбиэттэрин бэрэстэбиитэллэрэ Василий Попов уонна Григорий Шувалов кэлиэхтэрэ. Кинилэр — М.Горькай аатынан Литературнай институту бүтэрбит, сойуус бырабылыанньатын сэкирэтээрдэрэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы бириэмийэлэр лауреаттара, дойду литературнай хамсааһыннарын үөһүгэр сылдьар дьон, нууччалыы тыллаах секцияҕа эдэр ааптардары кытары ыкса үлэлиэхтэрэ. Ону таһынан сүбэ мунньах бары кыттааччыларыгар маастар-кылаастары биэриэхтэрэ, лиэксийэлэри ааҕыахтара.

“Литературнай кириитикэ” диэн секцияны быйыл саҥа киллэрдибит. 2015 сыллаахха Ил Дархан Егор Борисов кириитикэни сайыннарар сорук туруорбута. Бу хайысханан үлэ ыытыллар. Кириитикэтэ суох литература тэтимнээхтик сайдар кыаҕа суох. Оттон драма секциятыгар театральнай кириитиктэр, режиссердар, драматурдар быһаччы үлэлэһиэхтэрэ. “Чолбон” сурунаал драмаҕа айар куонкуруһу ыыппытын кэнниттэн, бу хайысханан суруйааччылар биллэ элбээтилэр. Онон манна “эттээх-сииннээх” айымньылары күүтэбит, — диэн Суруйааччылар сойуустарын бэрэссэдээтэлин собуйааччы Гаврил Андросов иһитиннэрдэ.

Эдэр суруйаачылар сүбэ мунньахтара сүүрбэччэ сыл кэриҥэ тохтуу сылдьан баран, 2004 сыллаахха сөргүтүллүбүтэ. Ол кэмтэн икки сылга биирдэ ыытыллар. Сыллата улуустартан айар түмсүүлэр чилиэннэрэ көхтөөхтүк кытталлар. Мунньах түмүгүнэн, бастыҥнары “Бичик” кыһаҕа кинигэ таһаартарарга мэктиэлииллэр, ону тэҥэ эдэр ааптардар хомуурунньуктара тахсара былааннанар. Бу 14 сыл иһигэр уонтан тахса кинигэ таҕыста, уонча эдэр ааптар Саха сирин сурйааччыларын сойууһугар киирбиттэрэ.

Сүбэ мунньаҕы Суруйааччылар сойуустара, “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация уонна култуура, ыччат министиэристибэтэ тэрийэн ыыталлар.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха симрэ” хаһыат, edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар