Эдэр литературнай кириитик Николай Рыкунов саҥа кинигэтэ таҕыста. Онно аналлаах биэчэр тэриллиэ.
Күндү доҕотторбут, биир идэлээхтэрбит, саха литературатын сэргээччилэр! Эһигини алтынньы 19 күнүгэр 16 чаастан Национальнай библиотека историческай саалатыгар ыҥырабыт!
Доҕорбут, үөлээннээхпит, биир идэлээхпит, телесуруналыыс, литературнай кириитик, Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Николай Рыкунов «Үтүө үгэстэри тирэх оҥостон» диэн кинигэтин биһирэмигэр уонна кини ахтыы киэһэтэ буолуоҕа.
Биэчэри Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа уонна Николай Рыкунов доҕотторо тэрийэллэр.