Саха сиригэр 2021-2025 сылларга доруобуйа харыстабылын бастакы звенотын саҥардыыга бырагырааманан, федеральнайдааҕы бюджеттан 7,7 млрд тахса солк тыырыллыаҕа. Ол туһунан Ил Түмэҥҥэ отчуот кэмигэр өрөспүүбүлүкэ салайааччыта Айсен Николаев эттэ, суруйар СИА.
Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, 2020 сылга «Здоровье» нацбырайыак туруорбут соруктара туолулар: 18 ФАП, быраас амбулаториялара, быраас уопсай практикатын офиһа, Дьааҥы Баатаҕайыгар 180 миэстэлээх поликлиникалаах балыыһа үлэҕэ киирдилэр. Нерюнгрига, Мирнэйгэ, Ленскэйгэ доруобуйа харыстабылын эбийиэктэригэр материальнай-техническай базаны тупсарыыга үлэ барда. Кардиология уонна онкология кииннэрэ тэтимнээхтик тутуллаллар. Парламент истиилэрин соруктарын толорууга улуустарга эбии түөрт амбулаторнай киин арылынна, онкологическай көмө оҥоруутугар үлэ барда, онкоскриннинг бырагыраамата кэҥээтэ.
«Федеральнай үбүлээһининэн кэлэр биэс сылга доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр, ордук чуолаан тыа сиригэр, инфраструктура уонна хааччыллыы, квалифицированнай кадр үлэлээһинигэр хаачыстыба тупсуоҕа», — диэтэ Айсен Николаев.