23 Сэтинньи 23.11
  • -22°
  • $ 102,58
  • 107,43

Дьон дохуоттаах буоларыгар социальнай хантараак көмөлөһөр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Социальнай хантараак – үлэтэ суох хаалбыт, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьон бастакы хардыы оҥороллоругар, хаһаайыстыбаларын бөҕөргөтөллөрүгэр, бэйэ дьыалатын арыналларыгар олус көдьүүстээх көмө.


2010 сыллаахха Саха сирэ РФ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пилотнай бырайыагар киирсэн, социальнай хантараагы түһэрсиини саҕалаабыта. Ити сыл судаарыстыбаны кытта социальнай хантараагы үс улуустан: Намтан, Бүлүүттэн уонна Өлөөнтөн 18 дьиэ кэргэн түһэрсэн, ортотунан 100-түү тыһыынча солкуобай харчыны ылан, бэйэ дьыалатын арынан, эбии дохуот аахсар буолбута.

РФ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит уопутун биир бастыҥынан сыаналаан, атын эрэгийиэннэргэ тарҕатар сыаллаах форуму ыыппыта. Манна Саха сириттэн тиийэн, бу сыллар тухары ыытыллыбыт үлэ уопутун тарҕаппыттара. Бэлиэтээн эттэххэ, социальнай хантараак дьиҥ чахчы көдьүүстээҕэ биллэн, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн бу сыалга көрүллэр харчы кээмэйэ лаппа үрдээн турар. Бэл диэтэр, бу ньыманы Владимир Путин кытта биһирээбитэ.

Сыл аайы тыһыынчаттан тахса ыал, соҕотох олорор дьон көмөнөн туһаналлар. Холобур, кимнээх ылан, олохторун усулуобуйатын тупсарбыттарай?

Бастакы холобур. 2012 сыллаахха Горнай улууһугар үс оҕолоох ийэ тэрилтэлэргэ эбиэт буһаран тиэрдэргэ 126 780 солкуобай суумалаах көмөнү ылбыта. Оҕо көрөн олорор кэмигэр бэйэ дьыалатын сайыннаран, күн аайы 25 эбиэти буһаран, тэрилтэлэргэ тиэрдэрэ. Билигин урбаанын сайыннаран, банкетнай сааланы уонна кафены арыйан үлэлэтэр.

Иккис холобур. 2018 сыллаахха Бүлүү улууһугар элбэх оҕолоох ыал 195 тыһыынча солкуобай суумалаах көмөнү ылбыта. Кинилэр биир оҕолоро инбэлиит буолан, сылга иккитэ эмтэнэ барарга күһэллэллэрэ. Ол да буоллар, социальнай хантараак көмөтүнэн шлакоблок оҥорорго аналлаах тэрили, цемени атыыласпыттар. Оҥорон таһааралларын кэҥэтэн, үс үлэһиттэммиттэр, нэһилиэнньэ кинилэртэн хамаҕатык атыылаһар. Ол иһин быйыл  Дьарыктаах буолуу кииниттэн 150 тыһыынча солкуобайдаах субсидия ылан, дьыалаларын өссө кэҥэтэр былааннаахтар.

Үһүс холобур. 2019 сыллаахха Ньурба Күндээдэтигэр чааһынай бэкээринэ баар буолбута. Күҥҥэ 70-ча килиэби буһараллар, икки биэкэр үлэлиир. Урбаанньыт социальнай хантараак быһыытынан 195 тыһыынча солкуобайы, улуус бүддьүөтүттэн анал бырагырааманан көрүллүбүт 600 тыһыынча солкуобайы ылан, бэкээринэни арыйар каыхтаммыт. “Аччык киһиэхэ балыгы буолбакка, күөгүнү биэр, оччоҕо кини күн ахсын балыктаан аһыаҕа” диэн бэргэн этии баар. Чахчыта да, оннук. Социальнай хантараак тыһыынчанан дьоҥҥо, ыалга бастакы хардыыны оҥорон, атахтарыгар туралларыгар көмөлөстө.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru 

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА