22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускайтан көтүүгэ субсидиялаах авиабилиэттэри кэлэр нэдиэлэттэн атыыга таһаарыахтарын сөп

11:01, 12 октября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россия бырабыыталыстыбата Москва — Дьокуускай хайысханан субсидиялаах сөмөлүөтүнэн көтүүгэ эбии үбүлээһини оҥоруоҕа. Билиэттэр кэлэр нэдиэлэҕэ атыыга тахсыахтарын сөп. Ол туһунан сорудаҕы бэрэссэдээтэл Михаил Мишустин тустаах тэрилтэлэргэ биэрдэ, суруйар СИА.

Премьер-министр Михаил Мишустин РФ тырааныспарга министиэристибэтигэр «дьаһал түргэнник олорххо киирэригэр ыытыллар тэрээһин үлэни түргэтэтиҥ, сөбүлэҥ суруктары түһэрсиҥ» диэн сорудахтаата.

Кини эппитинэн, Уһук Илин 12 регионуттан субсидиялаах көтүүлэри оҥорууга сыл саҥатыгар 5 млрд солк көрүллүбүт. «Испииһэккэ билигин икки маршрут эбилиннэ – Чита уонна Дьокуускай. Маннык көтүүнү Санкт-Петербурга эмиэ тэрийиэхпит – сэттэ куораты киллэрэн туран, ол иһигэр Хабаровскай, Владивосток уонна Петропавловск-Камчатскай», — диэтэ кини.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА