22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускайга терапевтар II съезтэрэ ыытыллыаҕа

09:01, 20 сентября 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Балаҕан ыйын 22-23 күннэригэр М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай университекка өрөспүүбүлүкэ терапевтарын II съеһэ ыытыллыаҕа.


Съезд бастакы күнүгэр пленарнай мунньахха медицинскэй үөрэхтээһиҥҥэ терапевтар научнай уопсастыбаҕа оруолларын, Өлөөн улууһун холобуругар төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэ доруобуйатын уонна олоҕун хаачыстыбатын уо.д.а. боппуруостары дьүүллэһиэхтэрэ. Научнай-практическай конференцияҕа сүрэх-тымыр ыарыыларын бастакы уонна иккис сүһүөх сэрэтии үлэтин ыытыыны таарыйыахтара.

Феодосия Иванова искэн ыарыытын эрдэ билии ньымаларын үллэстиэҕэ. Москваттан кыттааччылар А.Л.Верткин уонна А.В.Наумов көҕүлээһиннэринэн Н.Гоголь «Ревизорыгар» олоҕуран туруоруллубут ремейк-испэктээкил көрдөрүллүөҕэ.

Съезд иккис күнүгэр пульмонология салаатыгар Новосибирскай, Дьокуускай быраастара, учуонайдара лекциялары ааҕыахтара. Москва ыалдьыттара терапияҕа фармакогенетическэй чинчийиилэргэ 15 сыллааҕы үөрүйэхтэрин туһунан кэпсиэхтэрэ.

Терапевтар өрөспүүбүлүкэтээҕи II cъезтэригэр оҕо ыарыыларын бары көрүҥнэрин дьүүллэһиэхтэрэ уонна ылыллыбыт түмүктэри таһаарыахтара, инники былааннары торумнуохтара.

Ыспыраапка:

2013 с. өрөспүүбүлүкэ терапевтарын I съеһэ терапевтар өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-медицинскэй уопсастыбаларын ХI регионнааҕы конференцияларын сэргэ ыытыллыбыта. Икки күн устата Саха сирин, Москва, Хабаровскай уонна Германия 600-тэн тахса исписэлииһэ терапия сулууспатын дьоһун суолталаах боппуруостарын дьүүллэспитэ. Исписэлиистэр уопсайа 90 лекцияны аахпыттара, 10 симпозиуму ыыппыттара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА