22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускайга сарсыардааҥы сэрээккэлэр саҕаланнылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускай аһаҕас былассааккаларыгар үгэс буолбут сарсыардааҥы сэрээккэлэри сөргүттүлэр, манна хас биирдии баҕалаах киһи кыттыан сөп. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ физическэй култуураҕа уонна спорка салалтата иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.

Үтүө үгэс буолбут сарсыардааҥы сэрээккэни Саха сирин сүрүн болуоссатыгар өрөспүүбүлүкэ физическэй култуураҕа уонна спорка туйгуна Зинаида Афанасьева саҕалаата, манна чэбдигирдэр гимнастика сарсыарда 7 чаастан ыытыллыаҕа. Күннэтэ сарсыарда 6:30 уонна 7 чаастан сэрээккэлэр Дьокуускай куорат Кыайыы болуоссатыгар буолуохтара, ол иһигэр чэбдигирдэр уонна сүһүөх гимнастикатын общественнай инструктор Николай Нимаевы ыытыаҕа.

Куорат сынньалаҥ пааркатыгар чэбдигирдэр гимнастиканы Юрий Ефимов ыытыаҕа, Сардаана Ядреева салайааччылаах хотугу сүһүөхтээх хаамыы барыаҕа. Ону тэҥэ, Дьокуускай олохтоохторо сэрээккэлэргэ спортивнай киин площадкаларыгар, 7 кыбартаалга баар ТЦ «Меркурий» иннитигэр, Сахациркэ иннитигэр, «Туймаада» стадиоҥҥа, Доҕордоһуу болуоссатыгар, Кыайыы пааркатыгар уонна 203-с микрорайн таһыгар кыттыахтарын сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА