Съеһи тэрийэн ыытыыга вице-премьер Михаил Гуляев салалтатынан СӨ Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын Ассоциациятын бэрэстэбиитэллэрэ, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр кыттыылаах тэрийэр кэмитиэт мунньаҕа ыытылынна.
Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар VII съестэрин ыытыы былаанын гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарыыга миниистирин солбуйааччы Лена Иванова билиһиннэрдэ.
Мунньахха тэрээһин боппуруостары дьүүллэстилэр, съезд бырагырааматын бигэргэттилэр.
Саха сирин аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын съеһэ кулун тутар 20-21 күннэригэр ыытыллыаҕа, итиннэ 21 оройуонтан 119 делегат кыттыаҕа.