«Дороги Саха» бэдэрээччик үс күҥҥэ 650 погоннай миэтэрэ аспаал бастакы бүрүөһүнүн Дьокуускай Марха микрооройуонугар «Нам» суолга икки балаһаҕа уурда. Ол туһунан суол управлениета иһитиннэрдэ.
Аспаалы ууруу бу нэдиэлэ саҥатыгар саҕаламмыта, гаас утаҕын ыытыы үлэтэ түмүктэммитин кэнниттэн.
Маны сэргэ, суол оҥорооччулар сезон саҕаланыаҕыттан аспаал иккис бүрүөһүнүн уларытан тутуллар суол учаастагын бүрүйдүлэр, уһуна 1,57 км. Онно билигин түөрт балаһалаах суол тыргыллар. Куттал суоһаабатын туһугар утары балаһаттан тэйитэр, хаайар-бүөлүүр тэриллэр туруорулуннулар.
Үлэ «Безопасные и качественные дороги» найбырайыак чэрчитинэн ыытыллар.