«Азия оҕолоро» Оонньуу кэмигэр, от ыйын 5 күнүттэн 17 күнүгэр диэри, Дьокуускайга итирдэр утаҕы атыылааһын бобуулаах. Хаарчахтааһын куорат уокуругун барытын хабар.
Куорат полицията бу дьаһал туолуутун хонтуруоллуур сыаллаах рейдэлэри оҥорор. Кэтээн көрүү түмүгэр хас да сиргэ арыгыны атыылааһын чахчыта баара билиннэ.
Полиция 3-с отделын участковайдарынан 150 литрэ итирдэр утах былдьанна, маҕаһыын атыыһыттарыгар ыстыраап олохтонно, административнай боротокуол сурулунна.
Маннык рейдэлэр дьаһал болдьоҕо бүтүөр диэри ыытыллыахтара диэн, куорат полициятын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.