Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тутууга министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, 2024 сыл III кыбаарталыгар “РИА-Строй” хампаанньа Дьиэни тутар кэмбинээт (ДСК) комплексыгар тутуу саҥа матырыйаалларын оҥоруоҕа.
«Кэнники сылларга дьиэ тутуутугар саҥа улахан тэрилтэ баар буолуоҕа. Тэрилтэ саҥа үлэ миэстэлэрин таһаарыаҕа, тутуу сыаната намтыаҕа, сүрүнэ, инникитин Саха сирин олохтоохторун табыгастаах уонна аныгы олорор дьиэнэн хааччыйыаҕа”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээн эттэ.
ДСК-ҕа демонтаж-бэлэмниир үлэлэр, тэриллэринэн сэбилээһин бара тураллар. «РИА-Строй» комплексы модернизациялыырга Арассыыйа автоматизированнай тэриллэрин атыылаһыаҕа. Собуоту модернизациялааһын сүрүн соруга – өрөспүүбүлүкэҕэ олорор дьиэ квадратнай миэтэрэтин сыанатын намтатыы.
Собуоту модернизациялааһын түмүктэннэ да, собуот бородууксуйатын Дьокуускай куорат олорор дьиэтин ырыынагар, чуолаан “Звезднай” уонна Спортивнай” дьоҕус оройуоннарга, туһаныахтара. Бастакы түһүмэххэ 150-чэ киһи үлэҕэ ылыллыаҕа.
Санатан эттэххэ, 2023 сылга Саха сиригэр олорор дьиэни тутууга саҥа муҥутуур көрдөрүү ылыллыбыта – олорор дьиэ 705 тыһыынчаттан тахса квадратнай миэтэрэтэ үлэҕэ киллэриллибитэ. Чэпчэтиилээх ипэтиэкэттэн ураты РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыагынан хаарбах дьиэттэн көһөрүү киэҥ хабааннаах бырагыраамата үлэлээтэ. 2019 сылтан бырагыраама чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх кыбартыыралаах 244 дьиэ тутулунна. 2024 сылга элбэх кыбартыыралаах өссө 93 дьиэ түмүктэниэҕэ, суруйда Саха сирэ саайт.