Бу туһунан Дьокуускайдааҕы баһаарынай-быыһыыр гарнизон салайааччыта Роман Мыльников иһитиннэрдэ, НВК Саха телеграм-ханаал суруйар.
Гарнизон байыастара Ленин проспегар улахан баһаары умуруордулар. Барыта 60-ча киһи уонна 15 тиэхиньикэ үлэлээтэ.
Баһаарынайдар көмөлөрүнэн 52 киһини быыһаатылар. Быһылаан түмүгэр дьиэ 180 кв.м. иэннээх сирэ эмсэҕэлээтэ.
Буруйдаах уонна хорумньу кээмэйэ быһаарыллар.
Баһаарга биир киһи тыына быстыбыта бэлиэтэннэ. Түөрт киһини балыыһаҕа киллэрбиттэр, мантан үс киһитэ ыарахан туруктаах.