Кулун тутар 9 күнүгэр Дьокуускай 22 оскуолатыгар 73 кылаас тэйиччиттэн үөрэх көрүҥүнэн үөрэнэр. Итинтэн 14-дэ коронавируһунан, 59-һа ОРВИнан ыалдьан, кэтэхтэн үөрэххэ көстүлэр.
Олунньу 26 күнүгэр 391 оҕо коронавирустаабыт, 841 – ОРВИлаабыт. Кулун тутар 5 күнүгэр коронавирустаабыт оҕо ахсаана 368 буолбут, оттон ОРВИнан ыалдьааччы ахсаана – 1675.
Уопсайа 8 595 оҕо кэтэхтэн үөрэххэ көстө. Толору Дьокуускай 13 оскуолата үлэлии турар, 39 оскуола — буккуйа. Дьокуускай куорат оскуолаларыгар барыта 48 478 оҕо үөрэнэр.