Дьокуускайга ааспыт нэдиэлэҕэ 28 бэйдиэ сылдьар ыты туттулар. Бу туһунан территория сайдыытын департаменын начальнига Владислав Слепцов куорат уопсай муньаҕар иһитиннэрдэ,- диэн СИА- @YakutskRF телеграм ханаалга сигэнэн кэпсиир.
Кини ыттаах дьоҥҥо профилактическай рейдэлэр куруутун ыытыллалларын бэлиэтээтэ. Ол курдук, бэс ыйыттан Дьокуускайга дьиэтээҕи кыыллары тустаахстык көрүөхтээхтэрин туһунан 10 сэрэтии уонна ыты-куосканы хайдах күүлэйдэтэр туһунан 1910 памятка бэрилиннэ.
Тутуллубут ыттары куорат приютугар иитэллэр, билигин 974 ыт баар. Эбии 62 вольер үлэҕэ киирдэ.