Тумуу уонна ОРВИ ыарыыта элбээбитинэн, Дьокуускай куорат сэттэ оскуолатыгар биирдиилээн кылаастарга харантыын биллэрилиннэ. Биир кылааска үөрэнээччи ахсаанын 20%-тан элбэҕэ ыалдьыбыт буоллаҕына, үөрэх тохтотуллар.
СИА кэрэспэдьиэнигэр үөрэх уонна наука министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 21 №-дээх орто оскуолаҕа түөрт кылаас сабыллыбыт. Маны сэргэ Саха гимназиятыгар, Хатас орто оскуолатыгар, 12, 15, 19, 20 №-дээх орто оскуолаларга биирдиилээн кылаастар үлэлэрин тохтоппуттар.
«Өскөтүн Дьокуускай куорат оскуолаларын бүтүннүү харантыыҥҥа ыытар балаһыанньа үөскээтэҕинэ, уокуруктааҕы санитарнай-эпидемиологическай хамыыһыйа быһаарыыта тахсыаҕа. Сотору кэминэн бу боппуруос көрүллүөҕэ«, — диэн пресс-сулууспаҕа эттилэр.
Роспотребнадзор управлениета иһитиннэриитинэн, тохсунньу 15 — 21 күннэригэр медицина көмөтүгэр 6 тыһыынчаттан тахса киһи көрдөрүммүт. ОРВИ-нан ыалдьыбыттар ахсааннарын 81%-на 14-гэр диэри саастаах оҕолор.