Омук сиригэр үөрэнэр оҕолор туох дьарыктаахтарын, хайдах дьаһанан олороллорун туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Пекиҥҥэ Аан Дойдутааҕы цирковой колледжка саха оҕолорун үөрэтиини Сергей Васильевич уонна Марфа Петровна Расторгуевтар иилээбиттэрэ-саҕалаабыттара. Сыала – Бриллиантовай цирка инники кэскилин иитэн таһаарыы. Билигин бүтэһик үһүс потокка сүүрбэ оҕо үөрэнэр.
Биэс сыллааҕыта Саха сирин араас муннуктарыттан 8-12 саастаах нуучча-саха оҕолоро сүүмэрдэнэн кэлбиттэр. Учуутал М.Н.Голокова кыракый оҕолору ийэлии бүөбэйдэһэн, улаатыннаран, дьоһун дьону таһаарарга элбэх иэйиитин, сыратын уурбут үтүө киһи.
Быйыл кастины ааспыт үс саҥа оҕону, ол иһигэр Ытык Күөл 1№-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Санникова Ариананы арыаллаан кэлбитим. Биһиги колледжпыт Кытайга биир престижнэй үөрэх кыһатынан биллэр. Туспа улахан территориялаах, анал тренировочнай заллардаах, үөрэнэр оскуола, студеннар уонна үлэһиттэр олорор уопсайдара, остолобуой, офис о.д.а. административнай тутуу элбэх. Сыл ахсын саҥа тутуулар эбиллэн иһэллэр. Колледжка уруһуй, үҥкүү, цирковой араас жанрдарга үөрэтэллэр. Россия (сахалар), Казахстан, Бангладеш, Австралия, Корея о.д.а сиртэн оҕолор кэлэн үөрэнэллэр. Үлэһиттэр, тренердэр бары кытайдар. Саха оҕолоро биир этээскэ иккилии буолан толору хааччыллыылаах хосторго олороллор.
Колледж сүрүн ирдэбилэ — эт-хаан өттүнэн эрчийии. Сүрүн предметтэрэ акробатика, гимнастика, хореография. Үөрэтиилэрэ биһигиттэн таһыччы атын, режим кытаанах: сарсыарда 6 чаас 30 мүн. киэһэ 20 чаас 30 мүн. диэри эрчиллиилэр, күнүс балтараа чаас утуйаллар. Эрчиллиигэ сөп түбэһиннэрэн, күҥҥэ үстэ аһыыллар: сарсыардааҥы аһылык 7 чаас 30 мүн., эбиэт 11 чаас 30 мүн., киэһээҥҥи аһылык 16 чаас 30 мүн.
Иккис ирдэбил – тус гигиенаны кытаанахтык тутуһуу. Күүскэ эрчиллэр оҕо олус тиритэр. Онон суунуу-тарааныы кытаанах ирдэбиллээх эбээһинэскэ киирсэр. Маны таһынан, олорор хосторун бэйэлэрэ хомуйаллар, сууйаллар. Кыра саастарыттан төрөппүттэриттэн тэйэн, оҕолор бэйэлэрин бэринэ, эппиэтинэскэ үөрэнэллэр.
Саҥа кэлбит оҕолор уларыйыылары бытааннык ылыналлар, эрдэ турууну уонна уһун эрчиллиини бастаан утаа ыарырҕаталлар. Манна оҕолор тулуурдаах, дьаныардаах, бэйэҕэ эрэллээх буолуу оскуолатын эттэринэн-хааннарынан ааһаллар.
Үһүс ирдэбил – түмсүүлээх буолуу, коллективка олорорго үөрэнии. Атын киһи тус санаатын сыаналааһын, биир санаанан салайыныы, бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы. Биһиги бары Саха сириттэн сылдьабыт, дойдубут сирэйин көрдөрөр дьоммут диэн санааҕа киллэрии иитии саамай төрдө буолар эбит. Омук сиригэр үөрэнэр оҕоҕо патриотическай тыын уһуктар.
Төрдүс ирдэбил – оскуола программатынан үөрэнии. Үөрэнэнр корпуска анал кылаастаахпыт, хас биирдии оҕоҕо аналлаах паарталар, интерактивнай дуоска, проектор, вай-фай сибээс баар. Кытайдар переменаҕа чуораан тыаһын оннугар музыка холбууллар. Учебниктары оҕолор, учууталлар бэйэлэрэ аҕалаллар. Үөрэх сарсыарда 8 чаас 30 мүн. эбиэккэ диэри, онтон утуйар кэм кэннэ 16 чаас 30 мүн диэри салҕанар.
Нэдиэдэҕэ иккитэ сүрүн предметтэри үөрэтэбит, биир кэлим экзаменнарга бэлэмниибит. Оҕолор бары үөрэнэр оскуолаларыгар сыһыарыылаахтар, сыана туруорабыт, экзаменнары миэстэтигэр баран туттараллар, кылаастарын тахсаллар. Кытай учууталлара английскайдыы уонна кытайдыы үөрэтэллэр. Күннэтэ тренердэри кытта алтыһан, оҕолор холкутук кытайдыы быһаарсаллар. Үөрэтии уустуга диэн тус-туһунан кылаастары бииргэ үөрэтии. Блогунан үөрэтии балачча үөрэтиллибит, араас саастаах оҕолору үөрэтии системаҕа кубулуйбут, көдьүүстээҕэ биллибит. Учуутал хас да предмети үөрэтэр кыһалҕаҕа киирэр. Кылгас болдьоххо сөптөөх аҕыйах чаастаах интегрированнай программалары (математика, физика, информатика) оҥорон, индивидуальнай маршрутунан үөрэтии табыгастаах курдук.
Туспа тыыннаах омук сиригэр үлэлии да сырыттарбын, баар кыһалҕалары үөрэтэн, саҥаны айартан туора турбаппын. Төрөөбүт дойдум Туора Күөл, Чөркөөх оскуолаларын учууталларын, Тааттаҕа инновацияны киллэрсибит Н.И. Бугаевы, Г.П.Решетниковы, А.П.Саввины кытта алтыһан, кинилэртэн ылбыт уопутум наадалаах түгэннэргэ иннибин сырдатар. Кэнэҕэскитин физик буолуоҥ диэн туһаайыыны биэрбит директорым И.А.Гуляев, новатор учууталлар уопуттарын үөрэтии саҕана, миигин учуутал айар суолугар сирдээбит В.О.Жараева, Р.Т.Васильева үтүө ааттарын умнубаппын. Инновация киириитигэр суруйбут «Постепенный переход от коллективного вида деятельности к индивидуальному» бастакы ыстатыйам олоххо киириитэ саҥа кэлбит курдук. Проектнай уруоктары ыытыыга интегрированнай дьайыы саамай төһүү күүс. Кытайга «Электрическая любовь» проектнай уруогу ыытарбар дойдум ахтылҕана көмөлөспүтэ. Билигин иитии, үөрэхтээһин туһаайыыта буолла.
Оскуолаҕа үөрэҕи бастакынан өрө тутуу баар суол. Иитии эйгэтэ кылаас чааһынан, тэрээһиннэринэн муҥурданар. Дьиҥэр, учуутал «Иитээччи» куукунатын аанын эрэ сэгэтэр. Манна кэлэн баран, «Иитээччи» диэн кимин дьэ чуолкайдык өйдөөтүм. Оҕолор биир күдьүс олохтон сылайаллар, дьоннорун-дойдуларын ахталлар. Релаксация, психологическай оонньуулары сэргэ интеллектуальнай, айымньылаах оонньуулары уонна түмсүүлэри тэрийэр олус тоҕоостоох. Каникул кэмигэр оҕо бэйэтин тус территориятыгар бүгэрин, телефоҥҥа аралдьыйан дьону кытта алтыһар, кэпсэтэр диэни умнарын бэлиэтии көрбүтүм. Онон, аһаҕас кэпсэтии ыытан, бодоруһуу усулуобуйатын тэрийбитим. Тааттаҕа оҕо эстетическэй Киинигэр туттубут «Игротека» технологиятын туһанан, олоҥхо тематыгар сатабылларынан көрөн, уруһуйдаппытым. Бииргэ үлэлээһин түмүгэ сахалыы сурук-бичик күнүгэр олонхо ис хоһоонун, философиятын арыйар уруһуйдарынан олоҥхо туһунан кэпсэтии буолбута. Кытай артыыстара 2015 сыл ахсынньы 10 күнүгэр Куньцюй опера театрыгар «Туйаарыма Куо» спектаклы туруорбуттарын туһунан хаартыскалардаах кинигэни көрбүппүт. Дойдубут дьэдьэннээх күөрчэҕин санатан, клубникалаах мороженай сиэбиппит. Оҕо бу тэрээһиҥҥэ тус кыттыытыттан астыммыта, хаартысканан билсиһэн төрөппүттэр махтаммыттара.
Аныгы оҕо сыыһатын билиммэт, мэлдьэһэр идэлээх. Хамсаныылаах оҕолор сыыһа-халты туттууларын, таһаарар алҕастарын билинэллэригэр көмөлөөх араас ньымалары туһаныахха син. Холобур, инник түгэни бириэмэтин аһарбакка, тута сылааһына ыытыллыбыт биир ньыма – маастар-кылаас. Уолаттар бурдуктан чак-чак оҥорон, буһаран кыргыттары күндүлээбиттэрэ соһуччу буолбута. Минньигэс остуол тэриллибит «дьиҥ кистэлэҥин» иитээччи уонна туһааннаах оҕо эрэ таайбыта.
Омук сиригэр үлэлиир уратылаах эрээри, учуутал ханна да сырыттар мэлдьи ИИТЭЭЧЧИ, УҺУЙААЧЧЫ буоларын умнубат. Үрдүк таһымнаах дьону кытта алтыһыым уонна дойдум ахтылҕана үлэбэр иккис тыыны биэрэргэ дылылар.