Тустууга ССРС үтүөлээх тренерэ Дмитрий Коркин оскуолаҕа олорбут паартатын Булуҥ улууһун Бороҕон нэһилиэгин Кэрискэ учаастагыттан булан, Дьокуускайга Емельян Ярославскай мусуойугар аҕаллылар.
Мусуой үлэһитэ Михаил Друзьянов Дмитрий Коркин көһөрүү кэмигэр Булуҥ улууһугар үөрэммитин, паарта көстүбүтүн туһунан иһитиннэрии саас кэлбитин этэр.
Кини көрдөһүүтүнэн паартаны спорт министиэристибэтин экспедицията Дьокуускайга аҕалбыт.
«От ыйын 6 – 16 күннэригэр Булуҥ улууһугар үлэлээтим. Бороҕоҥҥо бөртөлүөтүнэн, онтон Кэрискэҕэ диэри тыынан барыта 100 км курдук уһуну устан тиийдим. Паартаны учаастактан бөһүөлэккэ, онтон бөртөлүөтүнэн Тиксиигэ аҕалбыппыт», — диир Друзьянов.
Дьокуускайга улуу тренер билии ылбыт паартата Ил Түмэн дьокутаата, олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин көмөтүнэн борохуотунан кэлбит.
Балаҕан ыйын 5 күнүгэр Дмитрий Коркин төрөөбүт күнүгэр мусуойга саҥа экспозиция аһыллыа.