Дьааҥы улууhугар бэҕэhээ бэлиэ күн буолла — Аҕа Дойду уоттаах сэриитигэр кыттыбыт биир дойдулаахтарбыт ааттарын үйэтитэр таас плиталарынан оңоhуллан эрэр стелла болуоссатыгар Христофор Михайлович Слепцов — Эллэ бюhун туруордулар. Бу туһунан «Дьааҥы оройуона» МТ дьаhалтатын пресс-киинигэр сигэнэн СИА иһитиннэрэр.
Христофор Михайлович — Эллэ 1920 сыллаахха Дулҕалаахха төрөөбұтэ. Дьокуускайдааҕы педагогическэй техникуму бүтэрэн, 1940 с. Национальнай байыаннай оскуола курсаана буолбута. Сэрии саҕаланыытыгар курсаннары Забайкалье байыаннай чааhыгар ыыппыттар.
Ыраах хоту дойду хорсун буойуна төрөөбұт дойдутун көмускээhиҥҥэ сэрии хонуутугар инники күөҥҥэ сылдьыбыта. 1943 с. 14 — с минометнай полка, 33 минометнай биригээдэ 2-с гвардейскай артеллирийскай дивизия хамандьыыра буолар. Ити сыл от ыйын 19 күнұгэр Степановка дэриэбинэтинээҕи уоттаах кыргыhыыга минометынан 4 контратаканы суулларбыттара. Христофор Михайлович — Эллэ хорсун быhыытын иhин «Кыhыл сулус» Орденынан наҕараадаламмыта.
Дьааҥы уола Эллэ Аан дойдуну, тыhыынчанан дьылҕаны атыйахтыы аймаабыт уорааннаах сэрии бүтэhик 1945 сылыгар, баара-суоҕа 25 сааhыгар, сэрии толоонугар охтубута. Кини Литваҕа Кибертай куоратыгар көмүллэн сытар.
Ырыаҕа ылламмыт, хоhооҥҥо хоhуллубут Эчий таас үрэхтээх, сыhыы хонуулардаах, таас хайаларынан хаххаламмыт төрөөбұт Дьааҥыта, дьоно-сэргэтэ Улуу Кыайыыны уhансыбыт биир дойдулаахтарыгар, буойуттарга сүгүрүйэр.
Бу 2020 с. Улуу Кыайыы 75 сылыгар Дьааҥы дэлэгээссийэтэ биир дойдулаахтарын Христофор Михайлович — Эллэ көмүс уҥуоҕар тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уура бараары сылдьыбыта. Ол эрээри, бүтүн Аан дойдуну аймаабыт коронавирус дьаҥа ол суолу тохтотто.