23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Дьааҥы улууһун киинигэр – ыччат форума

14:16, 18 января 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Тэрээһин чэрчитинэн улуус ыччатыгар анаан «Бизнес-юниор» оскуола сессията ыытылынна. Манна Боруулаах, Арыылаах, Адыаччы оскуолаларын үөрэнээччилэрин, ыччаттарын хамаандалара кытыннылар. Кинилэр нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыынан дьон олоҕун хаачыстыбатын үрдэтиини ситиһиигэ бырайыактары оҥорон көмүскээтилэр.

Литература түһүмэҕэ Дьааҥыга ыытыллар Олоҥхо Ыһыаҕар ананна. Манна ыччаттар олоҥхоҕо уонна баал үҥкүүтүгэр куоталастылар. Боруулаахтар «Кыыс сүктүүтэ» туому көрдөрдүлэр, арыылаахтар норуот ырыаларынан попурри толордулар, адыаччылар Виктор Стручков «Таас Далла Баатыр» олоҥхотуттан быһа тардыыны туруордулар, баатаҕайдар оһуохай таһаардылар, тойук туойдулар, саха инструменнарыгар оонньоотулар.

Эдэр олоҥхоһуттар Капитонов Михаил, Колесов Василий уонна Алексеева Василиса артыыс, ырыаһыт дьоҕурдарынан көрөөччүлэри сөхтөрдүлэр.

Улуустааҕы форум түмүгүнэн бастакы миэстэни «Айдын» ыччат тэрилтэтэ (Боруулаах нэһилиэгэ) ылла. «Тэтим» (Арыылаах нэһилиэгэ) уонна «Сайдыс» (Адыаччы нэһилиэгэ) тэрилтэлэр иккис, үһүс миэстэлэри ыллылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА