Адыаччы нэhилиэгин кыраайы үөрэтээччи энтузиаhа, хас да дьоhун кинигэ ааптара, Адыаччы олохтоох хоhоонньуттарын түмэр «Лабаалар» литературнай түмсүү салайааччыта, М. Д. Ефимов аатын сүгэр «Эчий» литературнай түмсүү чилиэнэ Дмитрий Николаевич Акимов «Хараҥаны сырдаппыт кыһабыт» кинигэтэ күн сирин көрдө. Кинигэҕэ Адыаччы оскуолатын (1931-1945 с.с.) диэри үлэлээбит, үөрэммит дьон, нэһилиэк сэбиэтэ, оскуола салайааччылара киирбиттэр, Дьааҥы ұөрэҕириитэ сырдатыллыбыт.
Бу Дьааҥы оройуонун 90 сылыгар анаммыт, бэрт улахан кээмэйдээх, 608 страницалаах, 300-тэн тахса хаартыска, архивнай докумуон киирбит ааспыт история дьиҥин кэпсиир кинигэ уопсайа 350 эксэмпилээринэн таҕыста.
«2013 сыллаахха, саҕалыырым саҕана, ити кэмнэргэ үөрэммит 25 киһи баара, олортон ахтыы ылбытым. Хомойуох иhин 16 кырдьаҕас үөрэнээчим бу кинигэм тахсыан иннинэ олохтон туораабыттара, хомойорум диэн ол, — диир ааптар Дмитрий Николаевич. — 1931 сылтан 1945 сылга диэри үлэлээбит учууталлартан биир учуутал тыыннаах, Ытык-Күөлгэ олорор, 93 саастаах Соловьева Анна Николаевна. Бу кинигэни күүтэ олорор, телефонунан кэпсэтэр».
Адыаччы оскуолатын бастакы үөрэнээччилэрэ, учууталлар дьылҕалара, оччотооҕу кэм үөрэҕириитин олоҕо кинигэ сүрүн ис хоhооно буолар. Матырыйааллары хомуйуу, Саха сирин оройуоннарын үөрэҕириитин тэрилтэлэригэр төлөппүөн нөҥүө ситимнэhэн, архыыбы хасыhыы, дьон ахтыыларын хомуйуу элбэх сыралаах үлэттэн таҕыста.
Дмитрий Николаевич хас да сыллаах үлэтэ кинигэ буолан тахсыытыгар
үбүнэн көмөлөспүт Ольга Борисовна уонна Андрей Егорович Прудецкайдарга, тиэлиитин дьаhайар Владимир Христофорович Чириковка уонна улуус дьаhалтатыгар истиҥник махтанар.
Дмитрий Николаевич Кыайыы 65 сылыгар анаан таhаартарбыт «Сэрии сүппэт туоhулара» икки томнаах бэртээхэй историческай кинигэ ааптара. Бу «Хараҥаны сырдаппыт кыһабыт» кинигэ Саха сирин үөрэҕириитин биир түhүмэх историятын кэпсиир сэргэх, элбэх ааҕааччылаах кинигэ буолуо.