22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьааңы кэрэ сирин аатынан "Туостаах" кафеҕа айан дьоно эбиэттээн ааһаллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кыстык хаар түһүүтүн кытта Баатаҕай бөһүөлэгин киинигэр «Туостаах» кафе аһыллан үлэлиир. Дьиэ айан дьоно, олохтоохтор киирэн эбиттииллэригэр, ирэ-хоро кэпсэтэн сынньанан тахсалларыгар аныгылыы тупсаҕай оңоһуулаах.


«»Туостаах» кафе бөһүөлэк киинигэр турара олус тупсаҕай, тэрилтэлэр чугастар. Үлэһиттэрэ нуучча кыргыттара наһаа аламаҕайдар. Аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир сырдык, үчүгэй маллаах кафе баар буолбутуттан үөрэбит«, — дииллэр Верхоянскай куораттан кэлэ сылдьар кыргыттар Марфа Слепцова, Марина Софронова.

Улуус кииниттэн 380 килэмиэтирдээх Суордаахтан бүгүн айаннаан кэлбит «Суордаах нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыга Владимир Павлович Стручков «Үрэҕинэн суол аһыллыаҕыттан хаһыс да кэлиим. Олох-дьаһах үчүгэй. Манна убаһа иһин миинэ кытта баар эбит, аһа-үөлэ тотоойу», — диэн үлэһиттэргэ махтанар. «Мин Баатаҕай олохтооҕо да буолларбын, үлэбиттэн чугас, аһа сибиэһэй диэн манна эбиэттиибин«, — диир финансист Виктор Викторович Потапов.

Саңа дьыл чугаһаан, сайаапкалар киирэ туралларын туһунан кафе сэбиэдиссэйэ Нина Евграфьевна Тихонова үлэттэн быыс булан кэпсиир. «Саңа дьыл каникулларыгар оҕолорго анаан минньигэс астаах, оонньуулаах-көрдөөх утренниктар буолуохтара. Тэрилтэлэртэн сакаастар киирэ тураллар. Дьон сынньанарыгар, аһыырыгар бары усулуобуйа барыта баар», — диир кини.

«Мин манна кэлэн кэмпиэт сии-сии, утах иһэ-иһэ караокеҕа ыллыахпын баҕарабын», — диэбит уолчаан туһунан үлэһиттэр үөрэ кэпсииллэр. Караоке өңөтө үүнэр сылы көрсө саҕаланарын туһунан Н.Е.Тихонова үөрүүтүн үллэстэр.

Ааптар: Раиса ЧИРИКОВА, Дьааҥы улууһа

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА