Украинаҕа байыаннай спецперация тардылыннаҕына, Coca-Colа Арассыыйаттан букатыннаахтык барыан сөп, диэн хампаанньа баһылыга Джеймс Куинсин иһитиннэрбитин «Лента.ру». порталы суруйар.
Тэрилтэ Арассыыйаҕа атыыланартан аккаастамматаҕа, онтон сылтаан бэйэтин аадырыһыгар кириитикэни бөҕөтүн иһиттэ. Ол эрээри, Квинси санаатыгар бизнес итинник дьайыылара былааска улахан дабылыанньаны оҥорбот. «Символизм-дьоһун суолталаах, ол эрээри быһаарыылаах өрүт буолбатах«, — диэн хампаанньа салайааччыта бэлиэтээтэ.
Хампааньа Арассыыйаҕа үлэни-хамнаһы хааччахтааһын туһунан кулун тутар саҥатыгар эппитэ. Хойутаан бородууксуйа ассортименын үс гыммыттан биир төгүл үрдэтэр былааннаах.
Coca-Colа конкурена PepsiCo муус устар ыйга Pepsi, Mirinda и 7UP атыытын тохтотон баран, чуолаан Арассыыйаҕа аналлаах утахтары оҥорор туһунан толкуйдуу сылдьыбыта. Маны таһынан, PepsiCo ассортименын кэҥэтэн, олохтоох «Русский дар» диэн кыбаас оҥорон таһаарар хампаанньа ассортименын араас амтаннаах лимонадтарынан кэҥэтэн биэриэн баҕарбыта.