Чурапчыга чэбдигирдии саалата аһылынна. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа сылыгар Дьячковскайдар дьиэ кэргэннэрэ улуус киинигэр дьиэ куортамнаан, наадалаах тэрил ылан, эрчиллэр саала астылар.
«2019 сыллаахха кэргэним икки ый иһигэр саалаҕа күүскэ дьарыктанан, 25 киилэттэн тахса ыйааһыны бырахпыта. Ити кэмҥэ спортивнай күрэххэ 50 дьахтар иһигэр киирсэн, кыайбыта. Онуоха фитнесс-саала астар туһунан санаа киирбитэ», — диир урбаанньыт Николай Дьячковскай.
Кэлин чөл олоххо, хамсаныыга, сөпкө аһааһыҥҥа дьон болҕомтотун уурар буолла. Эрчиллэр саала аһыллыытыгар интэриэс үрдүк.
Маныаха улуус дьаһалтата саҥа саҕалааһыннары өрүү өйүүр, нэһилиэнньэни чөл олоххо, чэгиэн буолууга өрүү көҕүлүүр.