22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Чурапчыга 48 коллекционер көрсөн, бэйэлэрин билиһиннэрдилэр

16:33, 19 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу күннэргэ Илин Эҥэр улуустар: Таатта, Мэҥэ-Хаҥалас, Уус-Алдан, Амма, Чурапчы коллекционердарын түмсүүтэ биһиги улууспутугар тэрээһиннэрэ буолан ааста. Манна барыта 48 коллекционер кыттыыны ылла.


Бу дьаһалы Чурапчы улууһун “Маарыкчаан”коллекционердарын кулуубун салайааччыта И.Н. Попов көҕүлээн ыытта. Биир абылаҥҥа ылларбыт дьикти дьарыктаах дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта чугастык алтыһан, төгүрүк остуолга санааларын үллэһиннилэр, уопуттарын атастастылар.

Быыстапкаҕа Чурапчыттан төрүттээх үс бииргэ төрөөбүт эдьиийдии-балыстыылар араас темаларга анаан муспут коллекциялара көрөөччү болҕомтотун тартылар. Ол курдук Клавдия Капитоновна эдьиийин уонна балтын көҕүлээһиннэринэн, былырыыҥҥыттан саҕалаан, саҥа ылсан дарыктанан эрэр эбит. Кини атах таҥаһа быһыылаах араас матырыйааллартан оҥоһуллубут сувенирдары, иннэ анньар сыттыктары, ыстакааннары, үрүүмкэлэри, сибэкки угар вазалары, магниткалары, кэнсиэрбэ аһар открывашкалары, биһилэх уурар шкатулкалары көрдөрүүгэ аҕалбыт.

Оттон Надежда Васильевна уолунуун Мишалыын линейкалары мунньаллар. Ити коллекциялара 100-чэкэ устуукаҕа тиийбит. Ону сэргэ ССРС кэминээҕи манньыаттары, кумааҕы харчылары темаларынан наардаан уураллар эбит.

Улахан эдьиийдэрэ Варвара Старостина бу быыстапкаҕа Дьокуускайтан анаан-минээн кытта кэлбит. Кини сүүтүк арааһын мунньубутун дьон-сэргэ сэргии көрдүлэр. 2010 сылтан коллекциянан дьарыктанарын саҕалаабыт: «Ити сылга Кореяҕа аан бастаан бара сылдьан, хордуонтан оҥоһуллубут сүүтүгү көрбүтүм. Онуоха дойду аайы тус-туһунан сүүтүктээх буолаллар эбит диэн дириҥ өйдөбүл киирбитэ. Билигин араас дойдулар сүүтүктэрин уопсайа, 400-тэн тахса устууканы мустум. Бу быыстапкаҕа 30-тан тахса государство сүүтүгэ көрдөрүүгэ сытар. Бу коллекциябын аймахтарым, дьүөгэлэрим, оҕолорум, билэр дьонум өйөөн, сылдьыбыт сирдэриттэн кэһии гынан аҕалаллар, сороҕун бэйэм атыылаһабын. Манна 19-сус үйэ бастакы аҥарынааҕы оҥоһуллубут сүүтүк кытта баар. Миэхэ ону Нам улууһуттан саҥаһым Фекла Афанасьевна Санникова бэлэхтээбитэ. Киниэхэ эбэтиттэн тиксибитэ үһү. Манна араас көрүҥ таастартан оҥоһуллубут сувенир сүүтүктэртэн саҕалаан, туостан, удьурҕайтан, кумааҕыттан, слон, сэлии, чубуку муостарыттан ону тэҥэ боруонсаттан, үрүҥ уонна кыһыл көмүстэн оҥоһуллубут сүүтүктэри көрүөххүтүн сөп«, — диэн кэпсээнин түмүктүүр.

Салгыы витринаҕа сытар зажигалкалар коллекцияларыгар хараҕым хатанна. Бу эмиэ сонун коллекциялары үгүс киһи умсугуйа көрдө. Манна кабуралаах бэстилиэти, массыынаны, сакалааты, чааньыктары, өтүүгү, гитараны, аттары, «кока-кола» уонна «спрайт» утах бааҥкаларын о.д.а. араас быһыылаах-таһаалаах зажигалкалары омуннура көрдүлэр. Үгүс көрөөччү сэҥээриитин ылбыт сэдэх коллекциялары биир дойдулаахпыт Матрена Никитина мунньар эбит. Кини зажигалкалары мунньуунан эрэ муҥурдаммат. Аан бастаан, оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр сиэпкэ угуллар календардары мунньубут. Билигин Матрена Семеновна хайысхатын элбэтэн, значоктары, бытархай харчылары, открыткалары сэргэ зажигалкалары коллекциялыыр. Онуоха зажигалкатын ахсаана 200-тэн тахсыбыт. Коллекциятыгар ааспыт үйэ 50-с, 60-с с.с. бааллар.

Өссө биир эмиэ туһунан хайысхалардаах коллекционеры Раиса Федорова коллекциятыгар нуучча биллиилээх суруйааччыларын мэтириэттэрэ, Аҕа дойду сэриитин уордьаннара, Россияҕа баар музейдар, биллиилээх худуоһунньуктар мэтириэттэрэ, 63 сыллааҕы искусство эйгэтин сырдатар открытка кэмпилиэктэрэ бааллар. Раиса Федоровна хос-хос эһэтиттэн хаалбыт ньуосканы саамай күндү коллекциятынан ааҕар. Кини бу умсулҕаннаах дьарыкка кыра оҕо сааһыттан ылларбыт. Онуоха бастаан, кэмпиэт сууларын мунньууттан саҕалаабыт.

Быыстапкаҕа ыаллыы сытар Таатта улууһун Харбалааҕыттан «Дьүөгэ» коллекционердар түмсүүлэрэ кытынна. Түмсүүнү салайан аҕалбыт И.В. Харлампьева билиһиннэрбитинэн, нэһилиэктэринэн иһинэн 20 сыллааҕыта тэриллибит түмсүүгэ билигин 20-чэ киһи сылдьар. Бу күн 6 коллекционер 10 көрүҥ коллекцияны дьон-сэргэ көрүүтүгэр аҕалбыт. Онуоха киһи атаҕын суолугар майгынныыр хайа уонна өрүс таастарыттан мунньуллубут коллекция көрөөччү болҕомтотун тартылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар