Саха сирин бырабыыталыстыбата сүөһү аһылыгын бэлэмниир компаниялары сүрүннүүр сыаллаах оробуочай бөлөхтөрү тэрийэр туһунан быһаарыыны ылынна. Министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр салайааччылара, дьокутааттар чопчу оройуоннарга сыһыарыллыахтара уонна от үлэтин хонтуруоллуохтара.
«Барыта 11 оробуочай бөлөх тэриллэр. Салайааччыларынан миниистирдэр уонна кинилэр солбуйааччылара ананнылар. Ону таһынан бөлөх састаабыгар норуот дьокутааттара, тыа хаһаайыстыбатын исписийэлиистэрэ, мелиорация управлениетын үлэһиттэрэ киирдилэр», — диэн бэс ыйын 25 күнүгэр бастакы вице-премьер — тыа хаһаайыстыбатын, ас-үөл политикатын миниистирэ Петр Алексеев суруналыыстарга эттэ.
Атырдьах ыйын 10 күнүгэр диэри оробуочай бөлөхтөр сыһыарыллыбыт улуустарыгар сылдьыахтаахтар, оттуур ходуһалар туруктарын көрүөхтээхтэр, оттооһун хайдах бара турарын хонтуруоллуохтаахтар.
«Хас биирдии улууска, нэһилиэккэ от былаанын толорууга чопчу этиилэри киллэриэхтээхтэр», —диэтэ Алексеев.