Балаҕан ыйын 13 күн сарсыарда Нерюнгри оройуонун Чульман бөһүөлэгэр элбэх кыбартыыралаах дьиэ умайда. Баһаарынайдар кэлэллэрин саҕана түннүктэн буруолуу турбут.
Саха сиринээҕи ЫБМ иһитиннэрэринэн, быһылаан туһунан сигнал баһаарынай-быыһыыр сулууспаҕа 06:27 чааска киирбит. Баһаарынайдар аҕыйах мүнүүтэ иһигэр быһылаан тахсыбыт миэстэтигэр кэлбиттэр. Уоту умуруорууга 21 киһи уонна алта тиэхиньикэ кытынна.
Баһаар биир кыбартыыра аанын уонна муостатын ылан 4 кв. м. иэннээх сири эмсэҕэлэппит. Бу дьиэттэн баһаарынайдар биир эр киһи өлүгүн буллулар.
Билигин быһылаан миэстэтигэр баһаар төрүөтүн, буруйдааҕы уонна хоромньуну быһаарарга үлэ барар.