Бүгүн, сэтинньи 2 күнүгэр Бэчээт дьиэтигэр «Чолбон» сурунаал 90 сылы нтуолбутугар аналлаах истиэндэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.
Саха норуодунай суруйааччыта СэмэнТумат, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Урсун, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Тумарча уонна «Бичик» кинигэ кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ Валерий Луковцев ыҥырыллан кыттыыны ыллылар. Кинилэр сурунаал устуоруйатын, бэлиэ түгэннэрин истиҥник ахтан аастылар.
Мустубут дьону «Чолбон» сурунаал эрэдээктэрэ Данил Макеев истиэндэ аһыллыбытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ.
Ыалдьыт суруйааччылар сурунаал төрүттэниэҕиттэн тутуспут аналын ыһыктыбакка, саха литэрэтиирэтэ сайдан-үүнэн иһэригэр сүдү оруолун ыйдылар. Кинилэр «Чолбон» сурунаал олохтоох айар дьону өйүүр, тирэх буолар түгэнэ элбэҕин бэлиэтээтилэр. Итиэннэ сүрэхтэрин сылааһынан айа-тута сылдьар сурунаал кэлэктиибэр махтал тылларын эттилэр.