Бу өрөбүлгэ, кулун тутар 18 күнүгэр дойдубут бэрэсидьиэнин таллыбыт. Саха сирэ, үгэс курдук, куоластааһыҥҥа көхтөөхтүк кытынна. Быыбар түмүгүн биһиги эрэ буолбакка, тас дойдулар кыраҕы харахтарынан кэтээн олордулар. Онон, дьэ, түмүкпүт хайдах буолан таҕыста?
Россияҕа
Быйылгы быыбарга, туох да мөккүөрэ суох, Владимир Путин инники күөҥҥэ таҕыста. 2012 с. кини 63,6 % ылбыт буоллаҕына, бу сырыыга 76,69 % куолаһы ылла. Бу иннинээҕи быыбардарга Владимир Владимирович 39-45 мөлүйүөн киһи куолаһын ыла сылдьыбыт буоллаҕына, быйыл киниэхэ Россия 56,4 мөлүйүөнтэн тахса киһитэ быыбардаата. Ити историяҕа хаалар биир эмиэ умнуллубат сонун көрдөрүү.
Иккис миэстэҕэ РФКП хандьыдаата Павел Грудинин таҕыста. Кини куоластааччылар 11,77 % ылла. Үсүһүнэн биэтэккэ РЛДП лидерэ Владимир Жириновскай кэллэ. Владимир Вольфович 5,65 % куолаһы ылла. Салгыы “Гражданскай инициативаттан” киирсибит Ксения Собчак таҕыста. Кини кыахтаах бэлиитиктэри Григорий Явлинскайы (1,05 %), Сергей Бабурины (0,65 %) быһа түһэн, 1,68 % куолаһы ылан, федеральнай таһымҥа бэйэтин бэлиитик быһыытынан көрдөрдө. Оттон Максим Сурайкин уонна Борис Титов быыбардааччылар 0,68 % уонна 0,76 % куоластарын үллэһиннилэр.
Саха сиригэр
Саха сирэ, өрүү да буоларын курдук, быыбарга көхтөөхтүк кытынна. Нэһилиэнньэ 71 % куоластаата. Уопсайа өрөспүүбүлүкэбитигэр 643786 быыбардааччы баарыттан 457065 киһи ытык иэһин толордо. Өлөөн уонна Анаабыр улуустара маладьыастаатылар: 91-95 % быыбарга кытыннылар. Бу көрдөрүүбүтүнэн Уһук Илин регионнарга Чукотка, Магадан кэнниттэн үһүс миэстэҕэ таҕыстыбыт.
Саха сирэ үс чаһы курдааһыннаах буолан, Аллараа Халыма, Аллайыаха, Орто Халыма, Абый, Үөһээ Халыма, Муома улуустара – икки, Дьааҥы, Өймөкөөн, Усуйаана биир чааһынан эрдэлээн куоластаабыттара.
Уопсай түмүккэ Владимир Путиҥҥа 294,1 тыһыынча киһи куоластаан, 64,38 % биэрдэ. Павел Грудиниҥҥа – 124,5 тыһ. (27,25 %), Владимир Жириновскайга – 18 тыһ. (3,96 %), Ксения Собчакка – 7,4 тыһ. (1,64 %), Григорий Явлинскайга – 2,6 тыһ. (0,57 %), Борис Титовка – 2 тыһ. (0,44 %), Максим Сурайкиҥҥа – 1,7 тыһ. (0,37 %), Сергей Бабуриҥҥа – 1,6 тыһ. киһи (0,37 %) куоластаатылар.
Владимир Путин элбэх куолаһы хотугу, Арктика улуустарыгар хомуйда. Оттон тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустартан муҥутаан 68 % ылла. Ол оннугар тыа хаһаайыстыбатын менеджерэ Павел Грудинин бу улуустартан балай да куолаһы ылаттаата. Холобур, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Таатта, Ньурба, Амма, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Хаҥалас, Бүлүү, Горнай улуустара 30-тан тахсалыы бырыһыаны биэрдилэр.
Бу «хаһаайыстыбаннай» куоластааһын Уһук Илин регионнарга эмиэ хатыланна. Тоҕус регионтан сэттэтигэр Владимир Путин туһатыгар 60-тан, тыа хаһаайыстыбатын бэрэстэбиитэлигэр Павел Грудиниҥҥа 17-20-тэн тахсалыы бырыһыаны биэрдилэр.
Уһук Илиҥҥэ
Бу регионнарга Владимир Путиҥҥа элбэх куолаһы Чукотка автономнай уокуруга (82 %) уонна Магадан уобалаһа (72 %) биэрбит буоллахтарына, атыттар түмүктэрэ 60-тан тахсалыы бырыһыан буолла. Хабаровскай, Приморскай кыраай – 65 %, Сахалин – 66 %, Амур уобалаһа уонна Еврей автономнай уокуруга – 67 %, Камчатка – 69 %.
Бу регионнар биэтэккэ иккис кэлбит Павел Грудиниҥҥа куоластааһыннара эмиэ интэриэһинэй: олохтоохтор сопхуос салайааччытыгар 17-тан саҕалаан 20-тэн тахсалыы бырыһыаны биэрбиттэр. Холобур, Приморскай кыраай – 21 %, Амур уобалаһа, Хабаровскай кыраай, Еврей автономнай уокуруга, Сахалин – 18 %.
Өйдөөн көрдөххө, бу ааттаммыт регионнар бары тыа хаһаайыстыбатынан утумнаахтык дьарыктаналлар. Холобур, Приморье сояны, сэлиэһинэйи хото ыһар. Россияны таһынан, тас дойдуларга Кытайга, Соҕуруу Кореяҕа бородууксуйатын батарар. Былырыын тыа хаһаайыстыбатыгар регион 1,5 млрд солк. көрөн, федеральнай бүддьүөттэн 1,7 млрд солк. эбии үбүлээһин быһыытынан ылбыттар.
Амур уобалаһа соянан күүскэ дьарыктанар. Бу эйгэҕэ “Белогорскай” диэн урутаан сайдар сир тэрийэн, соя бородууксуйатын оҥорон таһаарар собуот тутан, Россияҕа бастакы миэстэҕэ тахсар былааннаахтар.
Оттон Хабаровскай кыраай сибиинньэ иитиитинэн ордук биллэр. Регион Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сайтыгар көрдөххө, былырыын тыа хаһаайыстыбатыгар диэн 895,7 мөл. солк. көрүллүбүт. Ити 2016 с. кытары тэҥнээтэххэ, 34,8 % үрдүк эбит. Быйыл 930 мөл. солк. көрөр былааннаахтар.
Манна даҕатан эттэххэ, Уһук Илиҥҥэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит курдук бу эйгэҕэ үбүлээһини ботуччу угар регион суох. Былырыын тыа хаһаайыстыбатыгар 10,66 млрд солк. көрүллүбүтэ. Федеральнай бүддьүөттэн эбии үбүлээһин быһыытынан сылын аайы 1,5 млрд солк. кэриҥэ ылабыт. Тыа хаһаайыстыбатын тыа сирин кытары тэҥҥэ тутан сайыннарыы ньымата киирэн, нэһилиэнньэлээх пууннары тупсаран оҥоруу бара турар. Холобурга эттэххэ, билигин тыа сирин 60 % киин ититэр систиэмэҕэ холбонно. 2010 с. саҕалаан 18922 эбийиэк үлэҕэ киирбит буоллаҕына, үксэ тыа сиригэр тутулунна. Аҥаардас тыа хаһаайыстыбатыгар 385 эбийиэк үлэҕэ киирдэ.
Аны туран, Уһук Илин регионнарга эрэ маннык хартыына хатыланна дуо диэҕи, ыаллыы сытар Сибиир федеральнай уокурукка тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар регионнарга эмиэ баар.
Сибиир регионнарыгар
Манна эмиэ Уһук Илин регионнарга курдук, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар Павел Грудинин элбэх куолаһы хомуйда. Холобур, Алтаай кыраайа Владимир Путиҥҥа – 64 %, Павел Грудиниҥҥа – 23 % биэрбит. Омскай уобалас, Хакасия Владимир Путиҥҥа – 67-69 %, Павел Грудиниҥҥа – 18-20 % куоластаабыттар.
Алтаай кыраайа Россияҕа үүтү ыаһынынан үһүс миэстэҕэ сылдьар. Эти туттарыытынан эмиэ. Ону сэргэ сир үлэтинэн утумнаахтык дьарыктанар. Холобур, былырыын туорах бурдугу 5,4 мөл. тоннаны хомуйбуттар. Ити иллэрээ сыллааҕы көрдөрүүлэриттэн 2 тыһыынчанан элбэх. Хайа уонна сүбүөкүлэни үүннэриигэ рекорд олохтоон олороллор дии.
Оттон Омскай уобалас бурдугу тас дойдуга атыылааһыҥҥа эмиэ биир бастакы сылдьар региоммут. Быйыл федеральнай бүддьүөттэн бурдугу тимир суолунан таһыыга субсидия ылбыт уон регионнар ахсааннарыгар киирэ сылдьар. Манна даҕатан эттэххэ, ааспыт сылга Россия тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйаларын тас дойдуга таһааран атыылаан, бүддьүөккэ 20,8 млрд доллары киллэрбитэ. Ити үчүгэй көрдөрүү.
Түмүк
Быыбар түмүгэ тугу этэрий? Бастатан туран, Уһук Илин уонна Сибиир федеральнай уокуруктарга билигин да киин сир болҕомтото тиийбэтин көрдөрөр. Чуолаан тыа хаһаайыстыбатын, тыа сирин сайдыытын боппуруостарыгар. Биһиги, Уһук Илин регионнара уонна Сибиир кырыы сытар регионнара, итиннэ, монитор да кэтэҕиттэн буоллар, сэмэй болҕомтобутун тартыбыт.
Иккиһинэн, “коммунистар” быйылгы быыбарга кыра бырыһыаны ыллылар. Урукку өттүгэр лидердэрэ Геннадий Зюганов дойду быыбардааччыларын 17 бырыһыаннарын ыла сылдьыбыт буоллаҕына, Павел Грудинин 11 % ылла. Ол эрээри кини, ити үөһэ суруйбутум курдук, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар уонна киин сиртэн ыраах сытар регионнарга үлэтин туһулаабыта көдьүүстээх буолла. Өскөтүн быыбарга Геннадий Зюганов кыттыбыта буоллар, ити регионнарга Россия орто көрдөрүүтүн курдук буолуо этэ. Онон Павел Николаевич “коммунистартан” киирсэн, федеральнай киин болҕомтотун тарта.
Үсүһүнэн, бэйэбит испитигэр кэллэххэ, бэрэсидьиэннии олорор Владимир Путины ордук хотугу улуустарга өйөөтүлэр. Итиннэ бу кэлиҥҥи сылларга хотугу улуустарга болҕомто ууруллан, ыһыллыы-тоҕуллуу кэнниттэн социальнай тутуулар баран, олорор дьиэлэр саҥардыллан эрэллэрэ, интэриниэт киирбитэ сүрүн оруолу ылбыт буолуохтаах. Оттон ханна олорор усулуобуйабыт тупсан, сайдыыбыт балысханнык баран иһэр да, оччонон “куһаҕаннык олоробут” диэн сананарбыт, “Ахсыс айфон тахсыбыт, миэхэ тоҕо суоҕуй”, “Дубаай курдук баайдык-тоттук олоруохтаахпыт”, “тымныы сиргэ олорорбутунан биһиэхэ харчы төлүөхтээхтэр” диэн муҥатыйарбыт дьэ күүстээх. Үчүгэйтэн үчүгэйгэ тардыһарбыт, биир өттүнэн, “баа” буоллаҕай? Ол эрээри ити билигин да ырыынак үйэтигэр өйбүтүн-санаабытын сааһылыы, бэйэбит олохпутугар эппиэтинэс ыла иликпитин, ким эрэ кэлэн үлэбитин оҥорон биэриэҕин кэтэһэн олорорбутун, бэйэбит күүспүтүгэр эрэммэппитин көрдөрөр. Биир бэйэбит бэһиэ, бэһиэ бэйэбит уон, уон бэйэбит сүүс буолан, кыһалҕабытын быһаарыыга үлэлэстэхпитинэ, тоҕо сатаммат буолуоҕай, хайа баҕарар сатанар. Онон сурах хоту олорбокко, сарсыҥҥыбытын салайсан, саргыбытын түстээн, баарбытын харыстаан, сыаналаан иннибит диэки дьулуһуоҕуҥ.
Ыспыраапка:
Владимир Путин – 76,66 % (56411688 киһи);
Павел Грудинин – 11,81 % (8659052 киһи);
Владимир Жириновскай – 5,66 % (4155022 киһи);
Ксения Собчак – 1,67 % (1237692 киһи);
Григорий Явлинскай – 1,04 % (769618 киһи);
Борис Титов – 0,76 % (556829 киһи);
Максим Сурайкин – 0,68 % (499306 киһи);
Сергей Бабурин – 0,65 % (478937 киһи).