Саха сирин бырабыыталыстыбата, өрөспүүбүлүкэ биир идэлээх сойуустарын федерацията уонна «СӨ табаары оҥорон таһаарааччыларын сойууһа» үлэни биэрээччилэр холбоһуктара үлэ сыһыаннаһыыларыгар бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэҥ түһэристилэр.
Үс өрүттээх сөбүлэҥ 2017 сыл от ыйын 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ хамнас алын кээмэйин 17 388 солк. ааҕары бигэргэтэр.
Саҥа көрдөрүү 2017 сыл бастакы кыбаарталыгар үлэлиир нэһилиэнньэ иитинэн олоруутун кээмэйигэр сөп түбэһиннэрэн оҥоһулунна. Былырыыҥҥы сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, 3,4% улаатыы бэлиэтэнэр.
Федеральнайдааҕы сокуонунан, хамнас алын кээмэйэ 2017 сыл от ыйын 1 күнүттэн 7 800 солк. буолар. Онон регионнааҕы суоттааһын федеральнайы 2,2 төгүл сабарыйыа.
Бүтэһик алта сылга Саха сиригэр хамнас алын кээмэйэ 2,6 төгүл улаатта, ол эбэтэр 6 614 солк.-тан 17 388 солк. диэри. Бу кэмҥэ Россияҕа 1,7 төгүл улаатта: 4 611 солк.-тан 7 800 солк. диэри.
Сөбүлэҥ этиилэрэ өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан хамнастанааччыларга ананар уонна өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар үлэлиир тэрилтэлэр үлэһиттэригэр тарҕанар. Манна федеральнайдааҕы хааһынаттан хамнастанааччылар киирсибэттэр. Хамнас улаатыыта техүлэһиттэр дохуоттара үрдүүрүгэр эмиэ сабыдыаллыаҕа: дьиэ хомуйааччылар, вахтердар, остуорастар, оробуочайдар уо.д.а.
Туһааннаах мунньахха бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин социальнай бииргэ үлэлээһин түмүгэр, 2014 сылтан саҕалаан хамнас алын кээмэйэ өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлээн иитинэр нэһилиэнньэ таһымыгар тэҥнэспитин эттэ. Кини маннык кэпсэтии хайаан да наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ, мунньах кыттыылаахтарын этиилэрин үөрэтэн үлэлииргэ эттэ. «Саха сирин бырабыыталыстыбата дьон социальнай харысхалыгар олус элбэх үлэни ыытар. Сөбүлэҥ түһэрсиллибит күнүттэн үлэлээн барыахтаах. Уһатыы- кэҥэтии суох буолуохтаах«, — диэтэ кини.