Эрэгийиэҥҥэ «Развитие образования Республики Саха (Якутия)» бырагырааманы олоххо киллэрии иитинэн 2018-2023 сс. бары үбүлээччилэр источниктарын суотугар 8307 миэстэҕэ 75 уһуйаан үлэҕэ киллэриллибит.
Онтон 2025 сылга өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар өссө үс уһуйааны киллэрэри былаанныыллар. Барыта 475 миэстэ буолуо диэн бэлиэтэнэр.
2019 сылтан өрөспүүбүлүкэ «Содействие занятости» федеральнай бырайыакка кыттар.
Бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн 2020-2023 сылларга, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи үөрэх эйгэтигэр үлэлиир чааһынай предпринимателлэргэ федеральнай субсидияны биэриинэн, 1,5-3-гэр диэри састаах оҕолорго 2141 эбии миэстэ баар буолбут.
2024 сыл түмүктэниэр диэри 1,5 — 3-гэр диэри саастаах кырачааннарга 270 миэстэни тэрийэри былаанныыллар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата