22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Быйыл Саха сиригэр уунан хааччыйар алта эбийиэги үлэҕэ киллэриэхтэрэ

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр «Ыраас уу» эрэгийиэннээҕи бырагыраама олоххо киириитэ салҕанар. Өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар быйыл уунан хааччыйар өссө алта саҥа эбийиэги үлэҕэ киллэрэр былаан баар.

2023 сыл бүтүүтэ Амма уонна Сунтаар сэлиэнньэлэригэр водозабордар уонна ууну ыраастыыр ыстаанысыйалар холбоммуттара. Оттон быйыл Горнай Бэрдьигэстээҕэр, Хаҥалас Бэстээҕэр, Амма Алтаныгар, Ньурба, Өлүөхүмэ куораттарга уонна Дьааҥы Баатаҕайыгар саҥа эбийиэктэр арыллыахтара.

ОДьКХ министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, эрэгийиэннээҕи бырабыыталыстыба уонна Сбербаан сөбүлэҥнэринэн Аллайыаха Чокурдааҕар модульнай канализационнай-сууйар эбийиэк туруоруллуоҕа.

«Ыраас уу» эрэгийиэннээҕи бырагыраама РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Олорор дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыагын чэрчитинэн олоххо киирэр диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Источник: Саха сирэ саайт

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА