Бырааһынньыктааҕы хас да күннээх сынньалаҥ кимиэхэ эрэ үөрүүнү, дьолу бэлэхтиир, кимиэхэ эрэ сору, харах уутун аҕалар. Ол барыта — арыгылааһын хобдох содула.
Кулун тутар 9 күнүгэр Дьокуускай куорат Жорницкай уулуссаҕа биир дьиэ кыбартыыратыттан балыыһаҕа 28 саастаах дьахтар киллэриллибит. Мунна уонна сыҥааҕа тостубут. Кинини бииргэ арыгылыы олорбут киһитэ кырбаабыт.
Ити күн эмиэ 17-с кыбартаалтан түөскэ быһаҕынан анньыллыбыт 38 саастаах киһи балыыһаҕа киллэриллибит. Уорбаланааччы быһыытынан, Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх 34 саастаах дьахтар тутуллубут — итирэн баран быһахтаабыт.
Онтон Покровскай куорат киин балыыһатыгар эмиэ быһаҕынан анньыллыбыт эр киһини киллэрбиттэр. Эмиэ дьахтар эчэппит, 48 саастаах.
Бу чахчыларынан процессуальнай бэрэбиэркэ ыытылларын туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.