Тииксиитээҕи “Солнышко” уһуйаан тохсунньу 27 күнүттэн, Хара Уулаахха “Тугутчаан” оҕо саада тохсунньу 26 күнүттэн карантиҥҥа барбыттара. Бу ый 27 күнүгэр улуус дьаһалтатыгар санитарнай-противоэпидемическай комиссия мунньаҕар Арктикатааҕы гимназия тохсунньу 28 күнүттэн карантиҥҥа барыа диэн биллэрбиттэр.
СӨ Роспотребнадзор улуустааҕы салаатын салайааччы Алексей Белолюбскай иһитиннэрбитинэн, тохсунньу 27 күнүгэр Булуҥ улууһугар үс киһи гриптээбитэ биллибит: Арктикатааҕы гимназҕа – биир оҕо, “Солнышко” оҕо саадыгар – биир оҕо уонна улахан киһи.
Кини салалта салайааччыларыгар коллективка, үөрэнээччилэргэ өйдөтөр-сырдатар үлэни ыыталларыгар сүбэлээтэ. “Ол курдук, ыалдьыбыт сибикигитин биллигит даҕаны, бэйэҕит эмтэммэккэҕит, бырааска көрдөрөргүт ордук” – диэн сүбэлиир Алексей Алексеевич.
Улуустааҕы балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччы С.Г. Черкашин балыыһа эминэн толору хааччыллыбытын уонна ыалдьыбыт дьону көрөргө бэлэмин иһитиннэрдэ.